ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чыыстай

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы чистый, без примеси (напр

Ис хоһооно · 6
I

1 даҕааһын #

даҕ

  • [Эмээхсин] хортуоппуй угуллан турар дьааһыгыттан биир иһит чыыстай испиири ороон таһаарда.
    В. Иванов
  • Самыыта, уорҕата, сиэлэ, кутуруга, тыһын ньургуннара, хоҥоруута килбэлдьийэр хара буоллаҕына, чыыстай хара дэнэр. Сылгыһыт с

2 даҕааһын #

Атын туох да булкуллубатах, олоччу бэйэтинэн сылдьар, баар (хол., испиири этэргэ)

Нууччалыы Чистый, без примеси (напр., о спирте). [Хоппоҕо] чыыстай кырылас кыһыл көмүс, күлүмүрдэс импэрийээл

3 даҕааһын #

Кирэ-хоҕо суох, марайдамматах, ыраас

Нууччалыы Чистый, не загрязнённый

  • Чыыстай лиис

4 этии #

Этиилэр

Чыыстай буолак көр буолак

  • Үс төгүл бухатыырдыы иһиирэн баран бухатыырдар чыыстай буолактарыгар сүүрдэ. ПЭК ОНЛЯ I. Дьилэй таас чыыстай буолакка Дьулааннаахтык дугдуруспутунан Дуулаҕа бэртэрэ Лиһигир гына Тура түстүлэр.
    П. Ядрихинскай
  • Чыыстай буолак ортотугар Бухатыыр өлүгэ сытар. А. Пушкин (тылб.)
II

5 аат тыл #

Бөдөҥ маһа суох үрдүк таас сир, дьааҥы

Нууччалыы Безлесная горная равнина

  • Табалар, туус маҥан хабдьылар, Туруук таас хайалар, чыыстайдар, Намыһах сис тыалар, алыылар Тунаара субуллан аастылар.
    М. Тимофеев
  • Хас сайын ахсын тааска, чыыстайга тахсан сайылыырбыт.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Корякин кырдьаҕас табаһыт. Бу Аарыты үрэҕин чыыстайдарынан элбэхтик сылдьыбыт киһи
    Кыым

6 аат тыл #

түөлбэ. Ситэ маҥхайа илик түүлээх, болоорхой дьүһүннээх сайыҥҥы биитэр күһүҥҥү кырса

Нууччалыы Песец в летнее или осеннее время, с ещё не побелевшим, тёмно-серым мехом, недопесок

  • Маҕан кырса – белый песец, улаан кырса, чыыстай – недопесок.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Биир кыһын аҕыс кырсаны, биир чыыстайы бултаабытын күөннэнэн хаартылаан киирэн барбыта
    И. Федосеев

«Ч» буукуба