ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сайылык

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы летняя усадьба с пастбищем, летнее жилище, летник

1 аат тыл #

Сүөһү мэччитэн сайылыыр, олорор сир

Нууччалыы Летняя усадьба с пастбищем, летнее жилище, летник

Өссө холобурдар (1)
  • Сайылыгыҥ үрдүнэн Көтөн ааһар хоҥор хаас. Күһүн бурдук, от үүнэн, Күүтэр Мэҥэ-Хаҥалас
    П. Тулааһынап

2 даҕааһын #

суолт. Сайылыкка туттуллар, онуоха сыһыаннаах

Нууччалыы Относящийся к летней усадьбе, связанный с ней (напр., о жилище)

  • Сайылык дьиэ. Сайылык алаас.
  • Биир күн сайылык оҕолоро моҕотойдуу бардылар.
    Суорун Омоллоон
  • [Коля] халыҥ сис ортотунааҕы сайылык үрүйэҕэ олохтоох Болот оҕонньорго барар санааны ылынна
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Сайыннары туттуллар, мииниллэр, көлүллэр (хол., көлөнү этэргэ). Θ Используемый и летом (напр., об упряжном животном). Сайылык ат түүлүүн түүкэтийэн хаалбыт. Кирдиэхтээн хаамар
    А. Сыромятникова

3 этии #

Нууччалыы Умирать, отправляться на тот свет

  • Сайылыккар таҕыс түөлбэ. - күн сириттэн сүт, өл Баҕар эн бу төрүүргэр хаадыр буолбакка сылдьан сайылыккар тахсыаҥ. Онон соҕотох оҕоҕор кыһаллыа суоххун дии.
    М. Доҕордуурап
  • Ср. уйг. йайлақ джайлау ‘летовка, летнее пастбище’, тув. чайлаҕ ‘летование, летник’, др. -тюрк. йайлых ‘летнее местопребывание’

«С» буукуба