ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиэргэн

аат тыл

Нууччалыы отгороженный от улицы участок земли с надворными постройками при отдельном доме, усадьба, двор

1 аат тыл #

Олорор дьиэ эбэтэр ханнык эмэ тутуу тулатынан күрүөлэммит сирэ, дьиэ таһа

Нууччалыы Отгороженный от улицы участок земли с надворными постройками при отдельном доме, усадьба, двор

  • Оскуола тиэргэниттэн Күөх ыллыктар сыыйыллаллар.
    И. Гоголев
  • Алаһа дьиэҕит тиэргэнин иһиттэн Айаҥҥыт аартыга арыллан биэриэхтин!
    И. Егоров
  • Аармыйаҕа ыҥырыллан куоракка киириэхтээх дьон сарсыарда кулууп тиэргэнигэр мустубуттара
    ХС

2 аат тыл #

Дьиэ таһыгар сүөһү, сылгы турар сирэ, туспа күрүөлэммит дал

Нууччалыы Скотный двор

3 этии #

Нууччалыы Лучший, отборный скот с хорошим приплодом

Этиилэр

Булкуһа буруолаах көр булкус

  • Тилиһэ тиэргэннээх, булкуһа буруолаах Тэҥнээх дьүөгэтигэр, ыкса ыалыгар Кутуйах кыыл Күтэргэ тиийэн [кэпсии олордо].
    В. Чиряев

Тиэргэн түгэҕэ

баартан бастыҥ, үүттээх-астаах, үчүгэй төрүөхтээх, кэскиллээх сүөһү Ньукулай тиэргэн түгэҕэ биэтин матайар хаһатын хайдах уоран аҕалан -- көмүллэһэ сытаҕын?

  • [Ньирэйи] тиэргэн түгэҕэ оҥостоору ыалтан саҥа аҕалбыттарыгар титирии-титирии өрө мөхсө турарын аһынара.
    Н. Борисов
  • Ср. бур. тииргэҥ ʻместо в улусе, где стоит скот летомʼ

«Т» буукуба