ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьиэлээх

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы живущий в этом доме

1 даҕааһын #

Бу дьиэҕэ олорор (хаһаайын, хаһаайка)

Нууччалыы Живущий в этом доме (хозяин или хозяйка)

  • Дьиэлээх оҕонньор туох да кыһалҕата суох киһи курдук табахтыы-табахтыы, кэпсии олордо.
    А. Софронов
  • Хоноһо чиэппэр чэйи сулбу тардан таһааран дьиэлээх дьахтарга туттаран кэбистэ.
    Болот Боотур
  • Олохтоох ыал ыалдьыты балык төбөтүнэн күндүлүүллэр эбэтэр дьиэлээх киһи бэйэтигэр уурунар.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Хайа, дьиэлээх хотуммут, аскын бэлэмнээн баран, ханна сүтэн хааллыҥ?
    С. Ефремов

2 аат тыл #

суолт. Хаһаайын, дьиэни, квартираны бас билээччи; бу дьиэҕэ олорор киһи

Нууччалыы Хозяин, владелец дома; человек, живущий в этом доме

  • Дьиэлээх быһаарыы эрэйэн, ыалдьыт ыгылыйан, утарыта көрсүмэхтии турдулар.
    Амма Аччыгыйа
  • "Дьэ доҕоор, Доромоон, иэспин тугунан төлүүгүн?" – диэн ыйытта атыыһыт дьиэлээхтэн.
    Күндэ
  • Ыалдьыкка кыһамньы уонна кинини кытта сэһэргэһии – ити барыта дьиэлээхтэргэ дьиҥнээх бырааһынньык курдук көстөр
    И. Данилов

«ДЬ» буукуба