ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кырса

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы песец.

English arctic fox, polar fox

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Көп, күндү кылааннаах түүлээх, хоту туундараҕа олохтоох саһылга маарынныыр кыыл (түүтүн өҥүнэн маҥан уонна күөх, хара кырсаны араараллар)

Нууччалыы Песец. Бөрөлөр табалары тутан сииллэр, кырсалар тобоҕор тиксэллэр. КЗА АҮө. Кырсаны мэҥиэлииргэ кыыл таба этэ олус үчүгэй буолааччы. ДФС КК. Үчүгэй дьылга күһүөрү кырса тыаҕа, мастаах сиргэ тахсар. "Кыым"

2 даҕааһын #

суолт. Кырса тириититтэн тигиллибит

Нууччалыы Сшитый из шкуры песца, песцовый

  • Онтон кырса тыһа муус маҥан бэргэһэтин илиитин көхсүнэн аргыый силэйэ охсон, кырыатын сотунна.
    Амма Аччыгыйа
  • Сыҥаахтаах үрүҥ кырса бэргэһэлээх -- оҕонньор ойон таҕыста.
    П. Филиппов
  • Кыыс чараас кырса өрөҕөтө суорҕанынан саба тардынна.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. монг. кирса 'вид лисицы'; тюрк. корсак 'степная лисица'

3 этии #

Кырса-саһыл оҕото түөлбэ. - олус сэрэхтээх киһи Онно киирэн биэриэ дуо, кырса-саһыл оҕото буоллаҕа эбээт

Нууччалыы Очень осторожный человек

4 этии #

Нууччалыы Голубой песец

Этиилэр

Күөх кырса

кылаана хараҥаран, сибиниэстиҥи өҥнөнөн көстөр кырса Сопхуос сүрүн дьарыга: табаны уонна күөх кырсаны иитии; балыктааһын, кыыл кырсалары бултааһын.

  • Күөх кырсалар 51-52 хонук устатыгар уулаах сылдьаллар.
    АВЛ ГСФ

Кырса кутуйаҕа

туундараҕа үөскүүр үрүҥнүҥү өҥнөөх улахан кутуйах.

Лемминг (большая белая полярная мышь, которой питается песец, а также едят олени).

  • Кырса сиир кутуйаҕа, лемминг, түүн сырыыргыыр.
    И. Федосеев
  • Кырса сүрүн аһылыгынан кырса кутуйаҕа [лемминг] буолар.
    ТСКБ

«К» буукуба