Перевод с якутского
саһыл
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы хищное животное намного меньше волка, питающееся в основном грызунами и имеющее драгоценный мех, лисица
English fox
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Бөрөтөөҕөр лаппа кыра, сүнньүнэн кэрбээччилэринэн аһылыктанар, күндү түүлээх сиэмэх кыыл
Нууччалыы Хищное животное намного меньше волка, питающееся в основном грызунами и имеющее драгоценный мех, лисица
Саһыл түүтүнэн, киһи үлэтинэн (өс ном.). Саһыл саба харбаан эрдэҕинэ, куобах туора буруйар. Амма Аччыгыйа Үгүс тайҕаны мин тыыран, Күннээх саһылы бултаатым С. Данилов Ити кыыл күндү түүлээх тириитэ. Θ Драгоценный мех этого зверя. [Ньукулай оҕонньор:] Бу куулу толору саһыл, түөрт уон кыһыл саһылы кытта кэрэмэс, үс хара саһыл
Күндэ
Өссө холобурдар (2)
Саһыл саҕа. Саһыл истээх сон. Саталлаах саһыл саҕалаах (өс хоһ.). Киһи төрөөтөҕүнэ туоҕа да суох сыгынньах төрүүр. Уонна кэнники сорох маннык арбаҕастанар, сорох саһыл, бөрө саҕынньахтанар Амма Аччыгыйа
2 аат тыл #
Албынныыры, албыннаһары үчүгэйдик сатыыр киһи, албын өйдөөх
Нууччалыы Хитрый, лукавый; с хитрецой
Эһиги билбэккит, Егоров - кырдьаҕас саһыл. Кини эрэ үлэлиир курдук туттар
Н. ЛугиновСаһыл араҕас. Саһыл кэрэ. Саһыл элэмэс. [Ньургун Боотур] Саһыл араҕас кырдал үрдүгэр Алаас сыһыы быһаҕаһын саҕа Араҕас чачыры анньан, -- Дириҥ далай түһүлгэни оҥорон Турар дьону өҥөс гына түстэ. Ньургун Боотур. Саһыл өҥнөөх бурдугу Кыһыл обуос тиэйиэ. Эллэй. Сур сылгыны эмиэ араастык өҥнүүллэр: күтэр сур, бороҥ сур, саһыл сур, -- кукаакы сур ОМГ ЭСС
3 даҕааһын #
Саһыл тириитинэн тигиллибит, оҥоһуллубут
Нууччалыы Сшитый, сработанный из лисицы, лисьего меха; лисий
4 даҕааһын #
Саһархай, саһаран көстөр, саһарымтыйар көстүүлээх
Нууччалыы Светложёлтый, с желтоватым оттенком
5 этии #
Саһыл буолан ньылбый кэпс. - кыайан өрөлөспөт киһигэр, албыннаһан көрсүөр, сымнаа Микииппэрэп кинээс миигин көрдөҕүнэ, саһыл буолан ньылбыйар. М. Доҕордуурап.
Нууччалыы Вести себя притворно, лицемерно; лицемерить
Этиилэр
Саһыл мэйии көр мэйии
Ол Даадар саһыл мэйии буоллаҕа дии, кулубаҕа даҕаны, нэһилиэгин дьонугар даҕаны куһаҕаннык көстүмээри ньылбыйдаҕа. Болот Боотур
6 этии #
Нууччалыы Более распространённый вид лисицы с рыжей шерстью, занимающий по ценности меха низшую ступень, рыжая лисица
Этиилэр
Арыы саһыл (хааннаах) көр арыы II
Сугулааҥҥа, хата, мин дьолбор сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Тихон Павлов диэн -- киэҥ төгүрүк харахтаах, арыы саһыл хааннаах отуччалаах киһи баар эбит. А. Бэрияк. Утуйан турбут кэриэтэ Арыы саһыл хатыҥнар Аһаҕас халааттаахтар. М. Тимофеев. Кыһыл (кугас) саһыл - кытархайдыҥы кугас дьүһүннээх, түүтүнэн алын сыаналаах (суортаах) саһыл ордук тарҕаммыт көрүҥэ Кэрэмэс саһыл - кыһыл саһыл хара саһылы кытта булкааһа буолан, кыһыллааҕар ордук күндү түүлээх саһыл көрүҥэ.
Вид лисицы, представляющий помесь чёрно-бурой и рыжей лисицы и имеющий более ценный, чем рыжая лисица мех, сиводушка.
Саһыл өлбүгэ (күрүө) истор. - ыраахтааҕы суолун нолуогун саһылынан төлүүр киһиэхэ тиксэр ходуһа. Покосное угодье, которым наделяется человек, расплачивающийся за государеву подать (ясака) лисьей шкурой. Саһыл тэллэйэ бот. - кытархайдыҥы араҕас тэллэй. Гриб желтовато-оранжевого цвета, лисичка. Саһыл хонуу - кырпа хойуу оттоох, үчүгэй кырыстаах көнө сир. Ровное поле с хорошей почвой, поросшее густой нерослой травой (букв. лисье поле). Хара саһыл - хара дьүһүннээх, кыһылтан да, кэрэмэстэн да ордук күндү түүлээх саһыл көрүҥэ. Вид лисицы с чёрной шерстью, имеющий более ценный мех, чем сиводушка, чёрно-серебристая лиса. Ньукулаас быйыл эмиэ холкуоһун иитиэх хара саһылларын аһылыгар анаан тайахтыы тахсар буолла. С. Никифоров Ср. шор. сакыл ‘белка’, др. -тюрк. йашыл ‘зелёный’