Перевод с якутского
кэпсээн
аат тыл
Нууччалыы рассказ; счёт
English story (especially a short story), account
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы рассказ; счёт
English story (especially a short story), account
кэрэхсэбиллээх кэпсээн интересный рассказan interesting story көрбүт киһи кэпсээнэ рассказ того, кто виделan eyewitness account
2 аат тыл #
Ким-туох эмэ туһунан сэһэргээһин; туох сэһэргэнэрэ
Нууччалыы Рассказ, сообщение, известие
Кэргэнин кэпсээнин кини бэрики итэҕэйбэтэх. Киһи итэҕэйиэх да кэпсээнэ буолбатах этэ. Далан Бу Турахин тойон кэпсээнин бары бэркэ сэргэҥнээн истэн олордулар. Эрилик Эристиин [Иван Степанович:] Билигин кэлэн мин эһиэхэ кэпсээммин ситэриэм С. Ефремов
3 аат тыл #
лит. Прозанан суруллубут кыра кээмэйдээх уус-уран айымньы
Нууччалыы Рассказ (небольшое художественное повествовательное произведение в прозе)
Сынньана сытаммын мин аахтым бэҕэһээ биир кыра кэпсээни. Күннүк Уурастыырап Итинтэн салгыы тэттик кэпсээннэри суруйан көрүүнэн дьарыктаммытым. В. Протодьяконов Кини билигин ол санаатынан кэпсээн суруйар Т. Сметанин
4 аат тыл #
Сахалар көрүстэхтэринэ эҕэрдэлэһэн туттар тыллара (кэпсээниҥ? кэпсээҥҥит? диэн формаҕа)
Нууччалыы Приветственное слово якутов при встрече (употр. в форме кэпсээниҥ? ‘что расскажешь?’ кэпсээҥҥит? ‘что расскажете?’) Үгэс быһыытынан, бастаан утаа хардарыта: "Хайа, кэпсээниҥ?" - дэһии
[Кэтириис:] Хата, Ааныка эмээхсин, тиийэн кэллиҥ дуу? Кэпсээниҥ? С. Ефремов "Дьиэлээхтэр, кэпсээҥҥит!" - диэтэ сөҥ куоластаах киһи саҥата сыыйа баттаан. Н. Заболоцкай Ср. уйг. гэпчан ‘разговорчивый, словоохотливый’
5 этии #
Этиилэр
Айах (тыл) кэпсээнэ көр айах I
Оччотооҕу айах кэпсээнэ оннук. Л. Попов [Уолаттар] былыргы Сунтаар туһунан айах кэпсээнэ буола сылдьар номоҕу булан, суруйбуттара. Багдарыын Сүлбэ. Кулгаах истэринэн, тыл кэпсээнинэн буоллаҕына, киниэхэ тэҥнээх, сампай уопсар киһи төрөөбөтөх. Саха сэһ. II
6 этии #
Нууччалыы Рассказывать, пустить слух о чем-л., не подлежащем распространению (обычно употр. в форме запрета). [Кулуба:] Эн, Сэмэн, итини кэпсээн оҥосто сылдьар буолаайаҕын
ээн оҥоһун (гын) - 1) кэпсэниэ суохтааҕы кэпсээ, тыл оҥоһун (үксүн бопсон этиллэр) Итинник сымыйа кэпсээн үрдүк тойот кулгааҕар киирдэҕинэ киһи баһа барыа. Н. Неустроев [Хаалдьыт:] Ону кэпсээбит киһини, аны ити курдук кэпсээн оҥосто сылдьыма диэн саба саҥаран кээстим. А. Софронов [Кэтириис:] Аны Күлүк, кырдьык истибит буоллаҕына, кэпсээн гына сылдьыа. А. Софронов; 2) ким-туох эмэ туһунан (киэн туттан, сөҕөн, холобур оҥостон о. д. а.) уура сылдьан кэпсээ, сөп буола-буола кэпсиир буол. Θ Рассказывать периодически о ком-чем-л., передавать из уст в уста (то, что вызывает восхищение, гордость, удивление и т. д.). Үгүс аҕа уустара кубаттан, хотойтон, эһэттэн төрүттээх курдук кэпсээн оҥостон кинилэри ытыктыыллара. Саха фольк
Өссө холобурдар (5)
Кэнэҕэс дьон кэпсээн оҥостуохтара: оннук киһи урааҥхайа, оннук дьахтары күрэтэн баарта үһү диэн. Н. Неустроев Өйдүү сылдьыам өлүөхпэр диэри [Ай-Петри хайаны], Кэпсээн оҥостуом бар дьоммор. Л. Попов Кэпсээнтэн кэпсээн - биир кэпсээнтэн сиэттэрэн атын кэпсээн тахсыыта. Θ Следование одного рассказа за другим. Кэпсээнтэн кэпсээн: эмиэ ити докумуоҥҥа Сырай, Хара Сырай, Куһаҕан Сырай диэн дьон суруллубуттар. Багдарыын Сүлбэ. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, ситэрэн сэһэргээтэххэ, мааман аата бэл үүнээйигэ кытта тиксибит. ГКН МҮАа. Кэпсээҥҥэ киир (сырыт) - дьоҥҥо-сэргэҕэ билин, кэпсэн (үксүгэр үчүгэй өрүккүнэн). Θ Стать известным, прослыть, стать притчей во языцех (обычно своими достоинствами). Күндү түүлээх, көмүс, алмаас, Кэпсээҥҥэ киирэр эн дойдуҥ. Баал Хабырыыс Күбэйээнэ эмээхсин үтүө сүрэҕэ, сайаҕас санаата, кини бар дьоҥҥо өлбөт өҥөтө ырыаҕа ылламмыта, кэпсээҥҥэ киирбитэ. И. Данилов Кинилэр оттообут отторо, үүннэрбит бурдуктара, көрбүт сүөһүлэрэ, бултаабыт бултара кэпсээҥҥэ сылдьара. "Кыым"