Перевод с якутского
кэпсэл
аат тыл
Нууччалыы рассказ, новость, слухи и т. д. многократно пересказываемые, передаваемые из уст в уста
English story
1 аат тыл #
Киһиттэн киһиэхэ бэриллэн иһэр, элбэхтик кэпсэнэр кэпсээн, сонун, сурах, о. д. а
Нууччалыы Рассказ, новость, слухи и т. д. многократно пересказываемые, передаваемые из уст в уста
ээн 1 диэн курдук. Кини хара хараҕа, Кырасыабай дьүһүнэ, Кийиит дьахтар кэпсэлигэр Кэмэ суох кэрэхсэнэр. И. Чаҕылҕан Мин бастаан суруммахтаан иһэн, кини кэпсэлигэр ылларан, бүүс-бүтүннүү истэр кулгаах олордум. ВВ ТТ. Дьэ маннык мин эйиэхэ кэпсэлим. "ХС" Бөһүөлэк дьонун кэпсэлэ наар сааскы булка ким хайдах бэлэмнэнэн эрэрин, кэлээри турар булт хайдах буолуохтааҕын тула эргийэр. С. Тумат
Өссө холобурдар (2)
Дэлэҕэ даҕаны "Ньукулаас курдук иистэнньэҥ", "Ньукулаас курдук асчыт" диэн дьиэ аайы кэпсэлгэ, холобурга сылдьыа дуо? С. Никифоров Хайа сылга ханнык туонаттан төһө хоппо балык муҥхаҕа кэлбитин туһунан кэпсэл нэһилиэнньэҕэ киэҥник биллэр И. Сосин
2 аат тыл #
Былыргы олох туһунан кэпсээн, номох
Нууччалыы Сказ, сказание, рассказ исторического содержания
Айыылар тустарынан биирдии айымньылары (кэпсэллэри, тойуктары) миф диэн ааттанар. Саха фольк Остуоруйаны, сэһэни, Олоҥхону да кэпсэли Олус таттаран иһиллиир Оҕо остуолга кэккэлиир. И. Эртюков Софрон Данилов Манчаары туһунан новеллаларынан суруллубут сэһэнигэр урукку кэпсэллэр үгүс өттүгэр бэркэ туһаныллан, аныгы өйгө-санааҕа хабаатыннаран таһаарыллыбыттар СГС ӨСҮДь
3 аат тыл #
Сахалар көрүстэхтэринэ эҕэрдэлэһэн туттар тыллара (кэпсээниҥ? кэпсээҥҥит? диэн курдук)
Нууччалыы Приветственное слово якутов при встрече (то же, что кэпсээниҥ? кэпсээҥҥит?)
Көхсүн этиппэхтээн, уоһун соттумахтаан баран: "Кэпсэлгит?" - диэн сөҥ куолаһынан ыйытар. Н. Якутскай Үөрэ-көтө тиэтэлинэн Илиититтэн ылабын, Саха дьонун идэтинэн: "Кэпсэлиҥ", - диэн барабын. П. Тобуруокап [Мэхээлэ оҕонньор:] Кэпсиэ. [Хара Наһаар:] (олорбохтоон баран). Суох, эн кэпсэлиҥ?
Күндэ
Өссө холобурдар (5)
эл оҥоһун (гын) - кэпсээн оҥоһун (гын) диэн курдук (көр кэпсээн). Кинини киһи үксэ билэр. Киэн тутта кэпсэл оҥостоллор. И. Эртюков Мин көрдөһүүбүн ылыннаххына, эн үтүө санааҥ туһунан бар дьоммор кэпсэл оҥостуом, эн күлүккэр үҥүөм-сүктүөм! Г. Угаров Ол сайдыыбытын соруйан көрө, өйдүү сатаабатахха, киһи сөҕүөҕэ, кэпсэл гыныаҕа суох курдук, барыта буолуох буолбутун, кыаллыах кыаллыбытын курдук көстөр. ЧКС ОДьКИи. Кэпсэлгэ сырыт (киир) - кэпсээҥҥэ киир (сырыт) диэн курдук (көр кэпсээн). Биһиги да киэн туттардаахпыт, кэпсэлгэ киирэр сэһэннээхпит. И. Данилов Дьэ били кэпсэлгэ сылдьар кураанах бөстүөн хаата ньаалбаан уон тииҥҥэ турара онно. Н. Заболоцкай Эйэҕэһин, үчүгэй эмчитин туһунан кини билиҥҥэ диэри кэпсэлгэ сылдьар. "Кыым"