ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

номох

аат тыл

Нууччалыы сказание, предание, легенда

English legend, tale

1 аат тыл #

Былыргы норуот сэһэнэ, кэпсээнэ

Нууччалыы Сказание, предание, легенда

  • Манчаары туһунан номохтор. Номох буолбут олох.
  • Омоҕой уонна Эллэй уобарастарын көрдөрөр сэһэннэр саха норуотун үөскэппит өбүгэлэрбит тустарынан уопсай биис ууһун номохторо буолаллар. Саха сэһ. I. Көрбөккүт дуо, куба түүтүн? Кыырпаҕа суох маҥан тунал, Номоххо да өрүүтүн Маҥан буолар айыы, аанньал
    И. Гоголев

2 этии #

Нууччалыы Делать притчей во языцех

Этиилэр

Номоххо (кэпсээҥҥэ, сэһэҥҥэ, хоһооҥҥо) киир (сырыт) көр кэпсээн

Нева өрүскэ номоххо киирбит "Аврора" крейсер турар.  Өлүүгэ бэриммэтэхтэрэ Саха дьоруой уолаттара Остуоруйа номоҕор киирбиттэрэ Кинилэр ньургун дьыалалара. Эллэй. Номох оҥоһун (гын) - тугу эмэ куруук кэпсээ, кэпсээн оҥоһун Буойун сааһын тухары номох оҥостубут кэпсээнэ ситэ кэпсэммэккэ хаалар. Амма Аччыгыйа. Окко киирэр үөрүүлээх күнү Кыһыҥҥыттан ол күнү номох оҥосторум, Хайдах дьыл буолуон билгэлиирим. И. Гоголев. Н. К. Докторов күүһүн-уоҕун туһунан күөгэйэр күннэригэр кинини кытта бииргэ үөрэммит, үлэлээбит, сэриилэспит дьоно уостан түһэрбэккэ номох оҥостон сэһэргииллэр. Хапсаҕай. Уос номоҕо буол - норуокка кэпсээҥҥэ сырыт, киһи барыта кэпсиир кэпсээнэ эбэтэр туттар тыла буол.

Стать притчей во языцех.

  • Уос номоҕо буолбут дьоруой хас биирдии хамсаныытын, тылын-өһүн барытын өйдөрүгэр хатаабыттара, сүрэхтэригэр иҥэрбиттэрэ.
    Ф. Софронов
  • Киһи уҥуоҕун кириэһэ аҕыйах сылга турар, оттон кини үтүө аата үйэлэри нөҥүөлээн, уос номоҕо буолуон сөп. "ХС"

3 этии #

Нууччалыы Суть, содержание, смысл чего-л

  • (Туох эмэ) ис номоҕо - (туох эмэ) ис хоһооно Айымньы ис номоҕо. Дакылаат ис номоҕо.
  • Кини [Ойуунускай] айымньы ис номоҕун тас форматыгар дьүөрэлээһин маастара.
    Суорун Омоллоон
  • Дьыала ис номоҕун билиһиннэрии кэнниттэн араас суол ыйытыыга киирдилэр.
    С. Федотов
Өссө холобурдар (3)
  • Түөрт-биэс чааһы быһа суруллубут сурук ис номоҕо чочуллан-чочуллан маннык буолан таҕыста. Дьүөгэ Ааныстыырап. Тыл (өс) номоҕо тыл үөр. - өс хоһоонугар маарынныыр үөрэтэр-такайар ис хоһоонноох, сирэйинэн, көнө суолтатынан өйдөнөр, оннук этиллэр фольклор айымньытын көрүҥэ. Θ Краткое изречение, нередко назидательного характера, имеющее, в отличие от пословицы, только буквальный план содержания, поговорка. Тыл номохторо этиигэ биирдии предметтэри эбэтэр көстүүлэри дьүһүннээн, быһааран биэрэллэр.
    Саха фольк
  • Үрүҥ күнэ өлбөөдүйдэ, үөһээ тыыммахтаата, өлөр күнүм кэллэ диэн (тыл) өс номоҕун өһүллэ.
    П. Ойуунускай
  • Ср. тюрк. нумак, йомак ‘сказка, рассказ’, чув. юмах ‘сказка’

«Н» буукуба