ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэһэн

аат тыл

Нууччалыы устный рассказ, история, передающиеся из поколения в поколение; предание, рассказ старины

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Урут буолан ааспыт эбэтэр ким-туох эмэ туһунан кэпсээн, уос номоҕо оҥоруу; былыргы кэпсээн

Нууччалыы Устный рассказ, история, передающиеся из поколения в поколение; предание, рассказ старины

  • Сорох өс хоһоонноро ол-бу сэһэннэртэн, көрдөөх кэпсээннэртэн, биитэр остуоруйалартан үөскээн-төрөөн тахсаллара саха фольклоругар баар.
    Саха фольк
  • Оксана бу сэһэни ийэтиттэн, атын да кырдьаҕас дьонтон истэр буолара.
    Суорун Омоллоон
  • Ньыыкан кырдьаҕас дьонугар, дойдутугар үгүс үйэлэргэ аата ааттана, сэһэн буола туруо. А-ИНА Дь
    БО

2 аат тыл #

Сиһилии, уһуннук сэһэргэһии, сэһэргээһин

Нууччалыы Долгая, подробная беседа, рассказ, собеседование

  • Тылтан тыл, сэһэнтэн сэһэн төрөөн-үөскээн, Доропуун оҕонньор көрдөөх эдэр хоноһотунуун билсиһиилэрэ улам улаатан, доҕордоһууга үүнэн истэ.
    Н. Заболоцкай
  • Оҕонньордоох эмээхсин аһыыр кэмнэрэ эрэ буоллар сэһэннэрэ тобуллааччы, онон бу киэһэ эмиэ була сатыы-сатыы кэпсэтии буолан барда.
    Эрилик Эристиин
  • Биһиги ханнык баҕарар хоноһо туох дьикти сэһэннээҕин истэн тэйэр үгэстээхпит
    И. Федосеев

3 аат тыл #

лит. Арамааннааҕар кыараҕас сюжеттаах литературнай айымньы

Нууччалыы Повесть (литературный жанр)

  • Онон сэһэммит бастакы, иккис бастарын син ситимнээтибит.
    Н. Габышев
  • Сэһэн – уус-уран литература эпическэй айымньыларын ортоку көрүҥэ, ис хоһооно балай да уустук, геройдара элбэх буолаллар
    СЛ-

4 аат тыл #

Этиилэр

Беллетеристика

кэпсээнинэн суруллубут уус-уран айымньылар: арамаан, сэһэн, кэпсээн, новелла, уочарка – уопсай ааттара.

  • ВГМ НСПТ

5 аат тыл #

Дириҥник толкуйдуур дьоҕурдаах киһи, бөлүһүөк

Нууччалыы Мыслитель, философ

  • Кини [Курууппа Ойуун] итэҕэли билэр эрэ буолбатах, туһанар киһи, ол иһин биһиги кинини саха биир сэһэнин (бөлүһүөгүн) быһыытынан көрөбүт
    КОК
  • Айыы ойууна. Θ Белый шаман. Айыы ойуунун былыр сороҕор ыһыах ойууна диэн ааттыыллара, сороҕор сэһэн дииллэрэ
    Сахаада

6 этии #

Нууччалыы Персонаж в фольклорном произведении: мудрый, всезнающий старик, обладающий талантом красноречивого рассказчика (букв. красноречивый говорун)

  • Сээркээн сэһэн фольк. – норуот тылынан уус-уран айымньытыгар ойууланар олус муударай, барыны-бары билэр уонна ону наһаа уустаан-ураннаан кэпсиир кырдьаҕас оҕонньор Түмэн дойду Түннүгэ буолбут, Биэс улуус Билгэһитэ буолбут, Сэттэ улуус Сээркээн сэһэнэ буолбут.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Сээркээн сэһэн, тойон эһэм! Ыраах да буолларгын ыксалаан, Суох да буолларгын чугаһаан, Түскэ сүбэлээ, Айылгыга алҕаа!
    А. Софронов
  • Сэттэ бөссүөк бэйэтэ Сэттэ былас бытыктаах Сээркээн сэһэн оҕонньор. С. Данилов

7 этии #

Нууччалыы Начать внезапно повествовать (обычно о неразговорчивом человеке), язык развязался

Этиилэр

Сэһэн аллай

эмискэ баҕайы сэһэргиириҥ киир (үксүгэр аҕыйах саҥалаах киһини этэллэр) Уулаах олоҥхоһут идэтинэн бастыҥнар кэккэлэригэр баарын туһунан, туохха да хараҕа туолбатах кулуба тойон Баһылай Доодороп бэрт элбэхтик сэһэн аллайан -- тойотторго кэпсиирэ. Эрилик Эристиин. Сэһэн этии тыл үөр. – ыйытыыта эбэтэр күүһүрдүүтэ суох, туох эрэ туһунан сэһэргиир этии.

Повествовательное предложение.

  • Сэһэн этии кэннигэр туочука туруоруллар. СОТТЛ. Көннөрү кэпсээни сэһэн этии, ыйытыылаах этиини ыйытыы этии дэнэр. АЕ СТ. Сэһэн этии холку куолаһынан ааҕыллар.
    ПНЕ СТ

Сээркээн сэһэн

уруккуну-хойуккуну үчүгэйдик билэр, өйдүүр киһи (үксүгэр кырдьаҕас оҕонньору этэллэр).

Человек, обладающий феноменальной памятью, склонный к красноречию (в основном о стариках), добрый рассказчик.

  • Сэмэн оҕонньор Айдаар билэринэн, сүрдээх сэргэх, сээркээн сэһэн бэйэтэ, уола баарыгар тыла-өһө аанньа тахсыбата.
    Н. Лугинов
  • Миэхэ сахам ырыалара Сээркээн сэһэни санаталлар, Арыт кинилэр кылыһахтара Кыыс бэрдигэр маарынныыллар.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • Айылҕа, көтөр-сүүрэр дьикти кистэлэҥнэрин, таайыллыбат таабырыннарын билиэххин баҕардаххына, сээркээн сэһэн кырдьаҕастары тутус.
    М. Чооруоһап
  • Ср. тюрк. чэчэн, чечен, шешен ‘красноречивый; сказитель, народный певец; мудрец’, монг. цэцэн ‘мудрый, умный; мудрец’

«С» буукуба