ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэпсэн

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы хвалиться, нахваливать себя

1 даҕааһын #

Бэйэҕин киһиргэнэн саҥар, кэпсээ

Нууччалыы Хвалиться, нахваливать себя

  • ээ диэнтэн бэй., атын туһ. Ыраас таптал туһунан үгүс да кэпсээн кэпсэммитэ, үгүс да ырыа ылламмыта буолуоҕа.
    Суорун Омоллоон
  • [Кыыс] остуоруйаҕа кэпсэнэр кыһыл көмүс муостаах табалыы, биирдэ көстө түһээт, мэлийэн хаалбыта.
    Н. Лугинов
  • Үлүйэртэн өһүллүбүт Үүдэһиннээх бу дьоннор - Кыайыыларын кэпсэммэт, Кырдьык, сэмэй да дьоннор.
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (7)
  • Кистэлэҥмитин билсэбит эрээри саха киһитин үгэһинэн кэпсэнэ барбаппыт.
    ВВ ТТ
  • Кини: "Мин моҕотойу тыыннаахтыы тутуом", - дии-дии кэпсэнэ истэ.
    Суорун Омоллоон
  • Илья Васильевич сураһар дьоҥҥо бэйэтин буҕаалтыр курдук кэпсэнэр.
    Н. Габышев
  • "Ити аата, били баайдар кырган бүтэрдибит диэн кэпсэммит бассабыыктарын илиилэригэр былаас киирдэҕэ", - диэбитэ кини
    Эрилик Эристиин
  • Сатаан кэпсэммэт, кыайан хоһуллубат кэрэ Талба өрүс.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьэ манна мин маҥнай көрүстүм Уһуктуу кэпсэммэт үөрүүтүн!
    Баал Хабырыыс
  • [Күһүн] Кэпсэммэт кэрэ туспалаах
    Баал Хабырыыс

2 даҕааһын #

буолб. ф-ҕа даҕ. суолт. Тылынан сатаан этиллибэт

Нууччалыы Неописуемый

«К» буукуба