ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэлиэтээ

туохтуур

Нууччалыы праздновать

English to celebrate

Ис хоһооно · 7

1 туохтуур #

Нууччалыы праздновать

English to celebrate

  • бырааһынньыгы бэлиэтээ
    отметить праздникto celebrate the holiday

2 туохтуур #

Нууччалыы метка; регистрировать

English mark, register

3 туохтуур #

Туох эмэ бэлиэни оҥор, туохха эмэ ханнык эмэ бэлиэни туруор

Нууччалыы Отметить, пометить, сделать помету на чем-л

  • Маһынан-отунан бэлиэтээн, таһаҕаһын манна хаалларан кэбиһэн баран, аҕыйахтык атыллаан, төттөрү ыстанан кэлэн эмиэ харбаан ылла.
    Амма Аччыгыйа
  • Хаһан умнар үһүбүт Хаарыаннаахай дьоммутун Хаалларарбыт кээлтигэр Хараастыбыт санааны Харыйаҕа бэлиэтээн - Хастыы охсон ааспыты?!
    П. Тобуруокап
  • Аҕам хас мас ахсын ааҕа Өр тохтуур, эргийэ хаамар Аналлаах айа сиһигэр... Эркээйи охсон бэлиэтээн Күһүөрү кэлэн кэрдиэхтээх Хатыҥын силиһин хаһар
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
  • Итий, ириэр; кырыысаттан таммалаа, хаары быһыта сиэ (саас эрдэтээҕи бастакы ириэрии туһунан). Θ Оттепель с капелью с крыш (о первой капели ранней весной, о первой оттепели). Бүгүн халлаан бэлиэтээтэ. Күнүскү аһылык саҕана чигди быһыта сиэһэн барда, дьиэ хоруобуйатын бүүрүгүттэн маҥнайгы таммах кылапачыйан түстэ
    В. Яковлев

4 туохтуур #

Суруй, сурукка киллэр, суруйан туох эмэ бэлиэни оҥор

Нууччалыы Записать, фиксировать, зарегистрировать письменно. [Бадин (хаартаны көрөр, харандааһынан тугу эрэ бэлиэтиир):] Суолбутун бүөлээри гыналлар

  • Семен Иванович күн аайы ону-маны бэлиэтээн иһэр тэтэрээтигэр суруйда.
    Т. Сметанин
  • Аҕатын наадатын барытын суруйар, бэлиэтиир
    Н. Якутскай

5 туохтуур #

Кими, тугу эмэ чорбоччу тут, кимиэхэ-туохха эрэ болҕомтоҕун уур

Нууччалыы Отмечать, замечать кого-л., обращать внимание на кого-что-л

  • Үтүө киһи сүрүн бэлиэтэ - бииргэ үлэлиир доҕотторун үрдэтэ, кинилэри ордук бэлиэтии сылдьар.
    Амма Аччыгыйа
  • [Хоодуотап:] Мин үлэбин үрдүкү турар да тэрилтэлэр, улаханнык бэлиэтээн, биэс мөһөөх харчынан бириэмийэлээтилэр.
    С. Ефремов
  • Күннүк Уурастыырап саамай сөпкө бэлиэтээбитин курдук, Ленини күҥҥэ тэҥнээһин саха литературатыгар норуот тылынан уус-уран айымньыларыттан силис тардар. “
    ХС

6 туохтуур #

Ханнык эмэ түбэлтэни, түгэни бырааһынньык быһыытынан ыл, бырааһынньыктаа

Нууччалыы Отмечать, праздновать что-л

  • Кэм киһи киһини кытта холбоһон, эр-ойох буолан, саҥа дьиэ-уот тэриллэн эрэр диэн бэлиэтээн үөрүөх-көтүөх этэ.
    П. Ойуунускай
  • 1937 сыллаахха П. А. Ойуунускай айар үлэтин сүүрбэ сылын бэлиэтээтибит.
    Амма Аччыгыйа
  • С. А. Зверев (Кыыл Уола) аҕыс уон сааһын туолбутун республика общественноһа үөрэн-көтөн бэлиэтээтэ
    Л. Попов

7 этии #

Нууччалыы Заметить запомнить, обратить внимание на что-л

  • Бэлиэтии көр - тугу эмэ көрөн баран өйдөөн кэбис, өйгөр хатаа; кимиэхэ, туохха эмэ болҕомтоҕун уур Оҕонньор чахчы бэлиэтии көрдө: быраактаммыт, уойууга сылдьар кырдьаҕас ат оҕус, иккиһэ ханнык эрэ тиҥэһэ киирэр.
    Н. Заболоцкай
  • Кырдьаҕас булчуттар, кырса кыыл майгытын бэлиэтии көрөн, биир да томторооту хапкаана суох хаалларбаттар.
    Н. Якутскай
  • Бу, ис-иһигэр киирдэххэ, улахан остуоруйалаах көтөр. Бүлүү сиригэр саҥа өтөн киирэн олохсуйан эрэр. Кинини 1937 с. ыла бэлиэтии көрөр буолан барбыттар. Багдарыын Сүлбэ

«Б» буукуба