ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэлиэтээһин

аат тыл

Нууччалыы заметки (записки) о чем-л

1 аат тыл #

Суруйан, сурукка киллэрэн, бэлиэлэри оҥоруу, туруоруу

Нууччалыы Заметки (записки) о чем-л

  • Үгүс сиргэ суруйааччы дьон-сэргэ, быһыы-майгы, олох-дьаһах тустарынан мындыр бэлиэтээһиннэри оҥортоон ааһар.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу - поэт үлэтин туһунан ситимнээхтик кэпсиир ыстатыйа буолбатах. Бу - ааҕа олорон бэлиэтээһиннэр, быстах-остох санаалар. Софр. Данилов. Хаһыакка Монголияҕа тугу көрбүтүн-истибитин туһунан суоллааҕы бэлиэтээһиннэри суруйбута
    И. Федосеев

2 аат тыл #

Туох эмэ үчүгэйин-куһаҕанын ыйыы

Нууччалыы Замечание (выговор)

  • Оҕолоор! Бүгүн эһиги үлэлээбит күөх зонаҕытын астына көрдүгүт. Биһиги көрө сылдьан туох өссө наадалааҕын этэн истибит. Онон, ити бэлиэтээһиннэри толоруохпут.
    Е. Макаров
  • Ааспыт эрэпэтииссийэни бүтүннүүтүн магнитофоҥҥа суруйан ылаллара, ол кэнниттэн лиэнтэни хас да төгүл Васильев бэйэтэ истэн бэлиэтээһиннэри оҥороро.
    АҮ

3 аат тыл #

Сааскы бастакы ириэһин

Нууччалыы Первая весенняя оттепель

  • Суол кытыыта, күрдьүк хаара быһыта сиэһэн, бастакы улахан бэлиэтээһин буолла
    П. Филиппов

«Б» буукуба