ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыахтаах

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы физически сильный, здоровый, крепкий, мощный

Ис хоһооно · 7

1 даҕааһын #

даҕ

  • Сиэгэн бэйэтин ыйааһыныттан хас эмэ төгүл ыараханы сүгэн илдьэр кыахтаах бөҕө кыыл
    ХС

2 даҕааһын #

Эт-хаан өттүнэн чэгиэн, күүстээх

Нууччалыы Физически сильный, здоровый, крепкий, мощный

3 даҕааһын #

Тулуурдаах, кытаанах характердаах

Нууччалыы Обладающий твердой волей, стойкий. [Саха норуота] кыахтаах, дьөрү кыаҕын таһынан да буоллаҕына, үтүөнү үтүөнэн боруостуу сатааччы

  • Кыахтаах киһи, кыт аат. Биһиги эмиэ үтүктэ таарыйа тугу эмэ оҥоро сатаан көрүөхпүт
    Н. Лугинов

4 даҕааһын #

Баайдаах-дуоллаах, үптээх-астаах, дэлэгэй олохтоох

Нууччалыы Обеспеченный, материально благополучный

  • Бүгүн манна кыахтаах ыаллар оҕолоро мустубуттар. Р Баҕатаайыскай. Үлэһит ийэлээх-аҕалаах, кыахтаах ыал ыччаттара -- дьалаҕайдык, сатаҕайдык үөрэнэллэр, ол эрээри хайаатар да кулаан-сабаан үрдүк үөрэх дипломун ылан тэйэр эрэмньилээхтэр.
    Н. Габышев
  • Бугун манна кыахтаах ыаллар оҕолоро мустубуттар.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Аҕата - албакаат эрдэ өлөн, кыахтаах соҕустук олорбут ыал кырыымчык олохтонон барбыта
    ПНИ АДХ

5 даҕааһын #

Үчүгэй туруктаах, баай, сайдыылаах (хаһаайыстыба эбэтэр ханнык эмэ хаһаайыстыба салаата)

Нууччалыы Успешно развивающийся, преуспевающий; процветающий (о хозяйствующем субъекте). [Хоодуотап:] Арай биһиги холкуоспут улахан кыахтаах буоллун, ити биһиги үлэлээбит сирбитигэр хамбаайын үлэлээтин, оччоҕо биһиги холкуоспут судаарыстыбаҕа бастыҥынан бурдугу туттарыа этэ

  • Билигин холкуостар үгүстэрэ бөдөҥ, экономика өттүнэн кыахтаах, тиэхиньикэнэн үчүгэйдик сэбилэммит хаһаайыстыбалар буолбуттарын кэннэ чыҥха атын балаһыанньа үөскээтэ
    Ленин с

6 даҕааһын #

Туох эмэ туспа дьоҕурдаах, хайдах эмэ дьайар күүстээх

Нууччалыы Обладающий какими-л. способностями. [Марфа Николаевна:] Төрөппүт киһи мин билэбин, оҕом туох үлэҕэ кыахтааҕын

  • Ким хайдаҕын үчүгэйдик билэр Илья Иванович бэйэтэ талааннаах уонна кыахтаах киһини эндэппэккэ билэрэ. АҮ. Кырдьык даҕаны, киһи аймах дэлэгэй кыахтаах
    Амма Аччыгыйа

7 даҕааһын #

Модун күүстээх, модун

Нууччалыы Сильный, мощный, значительный (по степени, величине), могучий

  • Урут Сэбиэскэй Сойуус модун күүстээх обороналаах улахан кыахтаах дойдулар ахсааннарыгар киирэр этэ
  • Улахан кыамталаах, күүстээх. Θ Обладающий большой мощностью, сильный, мощный. Тыа хаһаайыстыбатын предприятиелара ордук кыахтаах тыраахтардарынан уонна мелиорацияҕа тупсарыллыбыт тиэхиньикэнэн сэбилэниэхтэрэ. ЭБТ. Былааны таһынан уон модун кыахтаах ретрансляционнай телевизионнай ыстаансыйалары үлэҕэ киллэрэргэ
    Кыым

«К» буукуба