ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

модун

даҕааһын

Нууччалыы обладающий большой силой, мощный

1 даҕааһын #

даҕ

  • Модун сүүрүктээх өрүс.
  • Луха модун харыларынан быар куустубутунан дьиппинийэн олорор.
    Амма Аччыгыйа
  • Модун тиэхиникэ Манна дэлэйдэ - Кэлимсэ турук Таастары силэйдэ
    А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (2)
  • Баараҕай, сүүнэ улахан, үрдүк. Θ Громадный, гигантский (напр., гора). Хатыҥчааннар баараҕай хатыҥнарынан, модун тииттэринэн хаххаланан бары сэргэ, тэҥник силигилии үүнэн эрэллэрэ кэрэтин.
    Далан
  • Бу көстөр күөх, улуу, модун хайалар үрдүүр, намтыыр чочумаас уһуктара -- ньиргийэн барыах, кэккэлээн тураллар
    И. Эртюков

2 даҕааһын #

Олус күүстээх-уохтаах; модьу

Нууччалыы Обладающий большой силой, мощный

3 даҕааһын #

Толлугаһа суох, кыайыгас, күүстээх (киһи санаатын күүһүн этэргэ)

Нууччалыы Сильный, отличающийся твердостью духа, несгибаемой волей к достижению чего-л. [Суруксут:] Дьон кырата модун санааны санаммыт быһыылаах, үс сүүс сыл мэлдьи мунньуллан-мунньуллан этиллибэтэх тыллар эһиннилэр, дэлбэритэ бардылар

  • 1917 сыллаахха-- эн Орджоникидзе диэн бассабыыгы кытта куодарыһарыҥ. Ол киһиттэн бу айылаах модун санааҕа үөрэммитиҥ дуо?
    Эрилик Эристиин
  • Эр, модун санаалаах эрэттэр Инники кэккэҕэ туоллулар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ср. монг. модун ‘дерево’

«М» буукуба