Перевод с якутского
арҕана
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы застарелая, хроническая болезнь человека или животного
1 аат тыл #
Киһиэхэ эбэтэр сүөһүгэ (кыылга) олоҕурбут, ааспат-арахпат ыарыы, дьарҕа
Нууччалыы Застарелая, хроническая болезнь человека или животного
Баһылай оҕонньор арҕаната көбөн сытар. СГФ СКТ. Ээ, Хобороос Байбалабыс дьэ араас арҕаната көбөн аххан эрэрэ, көмүскээн да тугу ситиэҥий А. Сыромятникова Олоҕурбут ыарыынан ыалдьар сүөһү (кыыл). Θ Животное, заболевшее застарелой болезнью. Бөрө ырыганы, өлөөрү гыммыты, арҕананы сиир, онон таба төрүөҕүн тупсарар дииллэр ээ үөрэхтээхтэр И. Федосеев
2 даҕааһын #
суолт. Олоҕурбут, ааспат-арахпат (ыарыы туһунан)
Нууччалыы Хронический, застарелый (о болезни)
Ийэлэрэ бэрт өр ыалдьан, арҕана сөтөлтөн икки сыллааҕыта өлбүтэ. И. Федосеев Тыһыынча тоҕус сүүс биэс уон биир сыллаахха АХШ-гар сүүрбэ алта мөлүйүөн киһи араас арҕана ыарыынан ыалдьаллара. “ Кыым