ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

атамаан

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы атаман.

1 аат тыл #

Былыр хаһаактар сэриилэригэр уонна өрөбөлүүссүйэ иннинэ хаһаактар уобаластарыгар байыаннай дуоһунас

Нууччалыы Атаман. Эҥсиэли дьоно ити курдук олордохторуна, киис тириитинэн төлөнөр бастакы дьаһааҕы атамаан Иван Галкин түһэрэн соһуппут. БИГ ӨҮөС. Бааһынайдар сэриилэрин харса суох атамаан, Дон хаһаага, Степан Тимофеевич Разин салайбыта. АС НИСК. Станичнай атамааҥҥа үҥүөм! Түрмэҕэ сытытыам! М. Шолохов (тылб.). [Тойоттор] атамаан Красильников тэлэгирээмэтин илииттэн-илиигэ түһэрэ сылдьан аахтылар. П. Филиппов. Чита үрдүнээҕи таас хайаҕа Семенов атамаан бүлүмүөтэ кини буутун тоҕу хадьарыйбыта. Амма Аччыгыйа

2 аат тыл #

Баһылык, салайааччы

Нууччалыы Главарь, предводитель

  • Чукчалар атамааннара эргэ тахса илик эдэр, хоһуун кыыс эбит.
    Саха фольк
  • “Ээй! Истэҕин дуо? Өс-саас аҕыйах эрдэҕинэ хата бэрин!.. ” - диэн Быыпсай оҕото, бандьыыт атамаана, үөгүлүү турбута.
    П. Ойуунускай
  • “Ити көрсүбүт киһибит - Уһун Баһылай бандьыыт атамаана, маннааҕы кулаактар саамай тумулук туттубут киһилэрэ”, - диэн Тихон аргыый кэпсээн барда
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (3)
  • Тугунан эмэ уһулуччу чорбойор, бастыҥ кэккэҕэ сылдьар киһи. Θ Человек, резко выделяющийся среди остальных каким-л. качеством (напр., особой активностью, храбростью). Дьэ, мин даҕаны абааһы аймаҕыттан адьырҕа атамааннара мин буолабын, көстүбэт киэнэ күтүр күүстээхтэрэ мин буолабын. Ньургун Боотур. Аҕыс ааттаах баһа Аргыстаһан айаннаан тахсар Ардай тиистээх атамаана Хардаҥ эһэ часкыйар. Нор. ырыаһ
  • Кини үөрэҕэр атамаан киһи.
  • Атаспар, эйиэхэ аны дьэ, Ааттаммыт атамаан сааһыттар Анааннар көтөрдүүр сирдэрин Аҕыйах тылынан мин кэпсиим
    Күннүк Уурастыырап

3 даҕааһын #

суолт., кэпс. Туохха эмэ чулуу, кимнээҕэр да ордук

Нууччалыы Сильнейший в чем-л., выделяющийся среди всех

«А» буукуба