Перевод с якутского
мааман
аат тыл
Нууччалыы мамонт.
1 аат тыл #
Мууһуруу кэмигэр үөскүү сылдьыбыт, уһун түүлээх, икки улахан эриллэҕэс аһыылаах, быһыытынан сулуоҥҥа майгынныыр кыыл
Нууччалыы Мамонт. Тыһыынчанан сылга ирбэт тоҥҥо Тыыннаах курдук сүдү мааманнар Төйүөрэ, таастыйа сыталлар. И. Федосеев. Үрэх дьаарын үлтү тэптэрбиттэригэр мааман этэ-түүтэ тахсан кэллэ. Былыр сир иччитэ дииллэрэ. С. Дадаскинов. Мин -- Саха сиригэр саҥа көстүбүт, табылыннаҕына, бүүс-бүтүн тоҥо сытар мааман өлүгүн хостооһун туһунан -- суруйар соҕотох кэрэспэдьиэн анаммытым. "ХС"
2 этии #
Нууччалыы Бивни мамонта (в наст. вр. считается ценным материалом для изготовления ювелирных изделий)
Мааман муоһа - тас диэки үүнэн тахсан үөһэ диэки эриллибит мааман икки уһун токур аһыылара (билигин үксүгэр киэргэл оҥоһуктары оҥорууга олус сыаналаах матырыйаал быһыытынан тут-лар) Мааман муоһа үрүҥ тараах маамам баттаҕын тарыыр. Н. Габышев Өлөксөй -- ким хайа иннинэ дьаар сиҥнэрэн таһаарбыт мааман муоһун булан байаары, өрүскэ тыынан устан элээрдэн иһэн, улахан долгуҥҥа оҕустаран, тыытын түгэҕэ көстөн хаалбыт. Н. Абыйчанин