Перевод с якутского
үүс
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы рысь.
English lynx
1 аат тыл #
1. аат., түөлбэ. Бэдэр
Нууччалыы Рысь. Үүс саамай тупсан сылдьар кэмигэр сэттэ төгүл сэттэ Толбонноох буолар — тириитэ. С. Зверев. Үүс курдук чөкөтүк туттардыын, Үрүнэн-тэбэнэн сылдьардыын Үчүгиий-үчүгэй да этэ Үөдүгэй киһитэ Микиитэ! П. Тобуруокап. Ичигэс уонна кырасыабай түүлээхтэринэн саарба, үүс, кырынаас, буобура уонна быыдара буолаллар. НАН ББ
2 даҕааһын #
суолт. Бэдэр тириититтэн тигиллибит
Нууччалыы Сшитый из рысьей шкуры, рысий
Ымыы курдук ырыалаах, Далбарай курдук саҥалаах, Саарба тириитигэр саспыт, Үүс тириитигэр үлбүрүллүбүт. Оһуор иһигэр олоҕурбут Суоһалдьыйа Толбонноох диэн суос соҕотох кыыстаахтара эбитэ үһү. Саха фольк Үүс таҥастаах өттө Үлүйэр диэни билбэтэ, Эһэ-бөрө үтүлүктээхтэр Эттэрэ да аһыйбата. С. Зверев Туллукчаан үүс суорҕанын Киэр хаһыйаат, сүүрэн тахсар, Тугун бэрдэй, дьиктитэй. Тулата сап-сандаархай. И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
Өргөстөөх (муостаах) үүс бэргэһэ. НБФ-МУу ОТА Т. Ср чулым., тув., хак. үс ‘рысь’