ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

муостуй

туохтуур

Нууччалыы костенеть, становиться твердым, как кость

1 туохтуур #

Кууран, чэрдийэ кииллийэн муос курдук кытаат (маһы этэргэ)

Нууччалыы Костенеть, становиться твердым, как кость (о древесине)

  • Былыр дьиэ тутуутугар кэрдиллибит муостуйа хаппыт, түөртүү-биэстии сүөм ньуурдаах төҥүргэстэри түөртэлээтэ, силистэри, мутуктары ылҕаата.
    Болот Боотур
  • Оол, өһүө муостуйбут баҕанатыгар Кыбыппыттар кураанах испиискэни.
    С. Тарасов
  • Оҕонньор муостуйбут мас таҕайын имэрийэн көрө олордо
    С. Федотов

2 туохтуур #

Уһуннук ыалдьан баран өрүттэн биир тэҥ турукка киирбит курдук буол

Нууччалыы Восстановиться, окрепнуть после тяжелой, продолжительной болезни

  • Сэллигинэн үйэлэрин тухары ыалдьааччылар дии. Кэнникинэн киһи өссө муостуйар диэччилэр. Софр. Данилов. Илья доруобуйата тупсубутун, ыарыыта муостуйбутун кэнниттэн үөрэҕин син биир салҕаабыта
    Кыым

3 туохтуур #

Кытаанах усулуобуйаҕа эриллэн, тулуурдаах буол, бус-хат

Нууччалыы Стать выносливым, закалиться

  • Бу үлүгэр бытарҕан тымныыны тулуйар саха муостуйбут сылгыларын үөрдээн иитии проблемата төһөлөөх наукаҕа сыаналаах түмүктэри -- биэриэ буолуой.
    В. Протодьяконов
  • Ньылхан бириискэҕэ сүнньүнэн хоту дойду усулуобуйатыгар муостуйбут дьон үлэлииллэр
    ХС

«М» буукуба