ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сот

туохтуур

Нууччалыы вытирать

English to wipe

Ис хоһооно · 10

1 туохтуур #

Нууччалыы вытирать

English to wipe

  • муостаны сот
    вытри полwipe the floor
  • түннүгү сот
    протереть окноwipe the window

2 туохтуур #

Нууччалыы вытирать; стирать

English to wipe off, to wipe away

  • быылы сот
    стереть пыльwipe off the dust

3 туохтуур #

Нууччалыы вычёркивать

English to cross off (a list)

  • испииһэктэн сот
    вычеркнуть из спискаto cross off the list

4 туохтуур #

Тугу эмэ, туох эмэ ньуурун ыраастаары, куурдаары ньиккэриччи анньан аал, ньиккэй

Нууччалыы Вытирать, обтирать что-л

  • Оҕонньор -- киһи уҥуоҕар тиийэн, иэҕэйбит кириэскэ тураах саахтаабытын сиэҕинэн сото-сото тугу эрэ ботугуруу турда.
    Амма Аччыгыйа
  • Ася иһит сууйар, Кеша сотор, ыскаапка уурар.
    Н. Габышев
  • [Коля:] Эн сотоҕун эрэ дуо? Хайаан даҕаны ынаҕыҥ эмиийин сууйуох тустааххын.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Бурхалей Мариса хараҕын уутун сотон биэриэн иннигэр, истиэнэ нөҥүө буолан хаайтарда
    Эрилик Эристиин

5 туохтуур #

Тугу эмэ убаҕаһынан эбэтэр арыылааҕынан бис, сыбаа

Нууччалыы Покрывать что-л. слоем чего-л. жидкого или жирного, намазать

  • Харытыана -- отон уутунан соппут курдук икки уоһа -- бу көстөн ааһаллар.
    П. Ойуунускай
  • Паарталарын хара кыраасканан ньалҕаарыччы сотон баран кылбаарыччы лаахтаан истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Хараҕа эмиэ төп-төгүрүк, арыынан ньалҕаарыччы сотон кэбиспиккэ дылы. Софр. Данилов. Луохтуур дьуоту ылан баатаҕа биһэ-биһэ соппута
    Н. Якутскай

6 туохтуур #

Суруллубуту, уруһуйдаммыты марайдаан эбэтэр үрдүнэн туора тардан суох оҥор, суох гын

Нууччалыы Зачеркнуть удалить, стереть, вычеркнуть

  • Харандааһынан биир сиргэ хараарда сотон кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин бэчээт көмөтүнэн кэпсии түһүүм олохпун, Эрэдээктэр тэбиэһирэн ону туора соппотун.
    И. Гоголев
  • Онтон эмиэ суруйан иһэн, били суоттаабытын сотон кэбиһэр.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (3)
  • Мин бу күннэргэ "Талыллыбыт Таллан" рукопиһын ааҕа сылдьабын. Быйылгы былаантан сотон кэбиспиттэр, ону көмүскэһэн көрөөрү
    С. Данилов
  • Тугу да хаалларыма, суох оҥор (хол., туох эмэ өйдөбүлүн). Θ Не оставлять ничего, вычёркивать, стереть (напр., память о ком-чём-л.). Кини Кыычаны сүрэхпиттэн букатыннаахтык сотон кэбистим, аны кинини туора киһи кэриэтэ көрүөм дии саныыра ээ. Софр. Данилов. Буурҕа, буулдьа ардаҕын Көрсөн өлбүт буойуттар – Кимэ, хайа ааттааҕын Сыллар, күннэр соппуттар. Эллэй. Арай киһи дууһатыгар хаалбыт суругу хайдах сотуоҥ баарай?
    Н. Лугинов
  • Дьыл-күн аһыммат кэрэни, Кини түргэнник, эмискэ, Оннооҕор маннык нарыны Холустук сотон кэбистэ
    И. Эртюков

7 туохтуур #

Ким эмэ иэһин төлөрүт, суох гын, кими эмэ иэстэн босхолоо

Нууччалыы Освободить кого-л. от платежных обязательств, простить долг кому-л.. [Кинээс] уонча киһиэхэ иэстэрин соппутун, сорох арыый уйунуохха айылаах өттүлэригэр иэһиттэн аҥаарын, чиэппэрин көҕүрэппитин аахта

  • Дьадаҥылар ону таһынан иэстэри сотон кэбиһэри, аристократтар сирдэрин былдьаан ылан дьадаҥыларга түҥэтэри модьуйаллара
    КФП БАаДИ

8 туохтуур #

Кими да, тугу да хаалларбакка, ордорбокко суох гын, мэлит

Нууччалыы Уничтожать, истреблять кого-что-л. полностью. [Аһыҥа] сотору солооһуннарбытын соторо буолуо

  • Үрүҥнэр киһиргээн -- кэпсииллэрэ: "Соҕуруу Сэмиэнэп сэриилээн, Сотуоҕа кыһылы", - дииллэрэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Субурҕан уотунан батталы сотоору, сурдурҕас буулдьабыт көтөрө. Эллэй. Төрөөбүт дойдуну Түҥнэрэ кэлбити Бохсорго-боборго, Букатын соторго Бэлэм буол
    Т. Сметанин

9 этии #

Имири [ньимси] сот - ким-туох да орпот гына бүтүннүү суох гын Мас кэрдээччилэр бириискэ чугастарынааҕы ойуур маһын ньимси сотоллор. Н. Якутскай. Ирдээн туран продотряды Имири соппуттар. Күн Дьирибинэ. Ааҥнаан киирбит өстөөх куораты сир үрдүттэн имири сото сатыыра кыайтарбат этэ. П. Егоров. Иллэрээ күн оройуон сааһыттара тахсан бу тоҕой куобаҕын имири сотон ылбыт сурахтаахтара. "Кыым".

Нууччалыы Уничтожить, истребить всё или всех подчистую

Этиилэр

Сир сирэйиттэн сот көр сир II

  • Сэбиэскэй былааһы утары барбыттары барыларын сир сирэйиттэн сотуоҕуҥ!
    Амма Аччыгыйа
  • Саха омугун үтүөтүн, баайдары, сир сирэйиттэн сотуохтарын баҕараллар. С. Ефремов

10 этии #

Нууччалыы Полоснуть чем-л. острым так, чтобы вспороть

Этиилэр

Быһа (быһыта) сот

туох эмэ биилээҕинэн хайа быс, хайыт "История" сирэйдэрин бириитибэнэн быһыта сотон, кыптыыйынан тэлитэ кырыйан, Нюта доҕотторун хаартыскаларын сыһыартаата.

  • Тымныы торуос кини сыгынньах кубалыы маҥан моонньун сытыы биинэн быһа соппут курдук хаарыйда.
    Суорун Омоллоон
  • Сиэхсит сытыы быһаҕынан Бор, моҕус Ала Торҕон Бэлэһин быһа сотор.
    П. Дмитриев

Сотон бар (аас)

биирдэ тоҕо ааҥнаан кэлэн тугу эмэ олус элбэҕи илдьэ бар, суох гын (хол., халаан уута, улахан ыарыы).

Нагрянув внезапно, нанести большой урон кому-чему-л., уничтожить множество кого-чего-л.

  • Кыһыннаах сайын тохтубут хара көлөһүн түмүгүн айылҕа биир кубулҕата – хаһыҥ соҕотох түүнүнэн сотон барара санаатахха ыар суол.
    М. Доҕордуурап
  • Таас үрэх уута күнүнэн, чааһынан эбиллэн, туох баар имириир тыыннааҕы, хамсыыр харамайы барытын сотон барыахха айылаах дэбилийэр, будулуйар.
    Г. Колесов
Өссө холобурдар (1)
  • Аас-туор дьыл кэмэ суох киһини сотон барбыт. Доҕордоһуу т. Табаларын бүтүннүүтүн сотуун ыарыы туран сотон барбыт.
    КФА СБ

Сотон ыл

тугу да ордорбокко олоччу ыл (хол., атыылаһан).

Завладеть чем-л. полностью, без остатка (напр., раскупить что-л.).

  • Биир мөһөөх биэрэрдээх буолан таҕыста. Онтукатыгар биэс киилэ этин сотон ыллылар.
    М. Доҕордуурап
  • "Кыыс туонатын" олохтоохторуттан -- түүлээхтэрин олоччу кутуу чэйгэ, хамса табахха, оҕуруоҕа, биһилэххэ, ытарҕаҕа, саахар тойуутугар атыылаһан, сотон ылла.
    ХС

Сотор эрэһиинэ

суруллубуту, уруһуйдаммыты аалан суох гынарга аналлаах эрэһиинэ лоскуйа.

Стиральная резинка.

  • Харандааһынан үлэлии олорон сотор эрэһиинэҕэ наадыйдым. Багдарыын Сүлбэ. Ср. др. -тюрк. йод ‘стирать, уничтожать’, тув. чот ‘вытирай’

«С» буукуба