ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оонньоо

туохтуур

Нууччалыы играть, забавляться

English second-person singular imperative of оонньоо-

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Сүүрэн-көтөн көрүлээ, тугу эмэ гыммыта буолан саатаа (оҕо туһунан этэргэ)

Нууччалыы Играть, забавляться

  • Оттон Туора Тумулу мин Олус ахтар сирим мэлдьи: Онно оонньоон улааппытым, Оҕо сааспын атаарбытым...
    Күннүк Уурастыырап
  • Сарсыарда үрэххэ киирбитим: Оҕолор сөтүөлээн чалбыыллар, Умсаллар, куотуһа харбыыллар, Кумахха оонньууллар, ыллыыллар. Итиэннэ хатантан хатаннык, Көрдөөхтүк күлсэллэр, үөрэллэр
    П. Тобуруокап

2 туохтуур #

Күлүү гын, элэктээ

Нууччалыы Шутить, насмехаться, подшучивать над кем-л

  • Оҕонньор, биллэн турар, оонньоон этэр диэн, төрүт итэҕэйиэ, ылыныа суоҕа.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Долгунуоп:] Бу күтүр дьүһүнүн? Тойонуҥ оонньообутугар ити туох буоллуҥ, үөрүөххүн билиминэ?
    Амма Аччыгыйа

3 туохтуур #

Музыкальнай инструмены нуотанан тыаһат

Нууччалыы Играть (на музыкальном инструменте)

4 туохтуур #

Тыаһаа, дьиэрэй, чугдаар (музыкальнай инструмент тыаһын этэргэ)

Нууччалыы Звучать, звенеть (о музыкальном инструменте)

  • Горн оонньуур тыаһынан Сайыҥҥы күммүт үүннэ.
    И. Чаҕылҕан
  • Күһүҥҥү ылаа күн. Күнүскү сылааска Түүн тоҥмут айылҕа дьэ ирэн сырдаата, Терраса иһигэр аһаҕас алааска Гитара оонньоото, кыыс оҕо ыллаата
    Дьуон Дьаҥылы

5 этии #

Нууччалыы Довести себя до неприятностей (напр., легкомысленным, неосторожным поведением); доиграться; шутка боком вышла

  • Оонньообута оҕус буолла - оонньоон, улахан суолтаны биэрбэккэ, тугу эмэ гыммыта, түмүгэр куһаҕан быһыы, алдьархай буолан таҕыста Онто, оонньообута, оҕус буолан тахсыбыта.
    В. Яковлев
  • Пелагея, чыычаахтарбыт оонньообуттара оҕус буолбута.
    М. Горькай
  • Оонньуугун оҥоруо - оҥоруутун оҥор диэн курдук (көр оҥор). Аны туора харах кэлэн эйиигин оонньуугун оҥороро буолуо. Саха ост. I. Санаата оонньуур - хараастар, санааргыыр, уйадыйар, долгуйар, айманар. Θ Лишаться душевного равновесия. Оҕонньор ону санаатаҕына, санаата оонньуур, иһэ тымныйар, үллэр.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (5)
  • Санаа оонньуур, сүрэх мөхсөр, умайар маннык күүскэ, маннык суостук тоҕо эрэ.
    Л. Попов
  • Сототунан оонньуур - туох да кыһалҕата, санаата-оноото суох көрүлээ, сырыт. Θ Беззаботно веселиться. Дьоллоох киһи сототунан оонньуур (өс хоһ.). Тылынан оонньоо - тугу да туһалааҕы оҥорбокко, кураанах тылынан чобуорхай. Θ букв. играть словами. [Казаков:] Киирик, эн биһикки тылбытынан оонньоомуох.
    С. Ефремов
  • Хаана оонньуур - тугу эмэ санаан, көрөн-истэн долгуйар, кыыһырар. Θ соотв. кровь играет в ком-л. Дьэ, киһи хараҕа саатыах, киһи хаана оонньуох, чаҕыллан, күлүмүрдүү оргуйан күн!
    П. Ойуунускай
  • Кыыс оҕо хаҥыл сүрэҕэ битийэн тэптэ, иэдэһигэр хаана оонньоон кулгааҕын эминньэҕэ кытта кытарда.
    М. Доҕордуурап
  • Ср. тув. ойна ‘играй’, алт. ойно ‘играть, забавляться, резвиться, шутить’

«О» буукуба