ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

алтан

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы медь.

English copper

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Кыһыллыҥы өҥнөөх, тапталлыгас металл

Нууччалыы Медь. Өлүөнэ өрүс эбэтигэр, муустаах муораҕа, араас алтаны, көмүһү, онтон да атын күн эгэлгэтин кэһиитин киллэрэр. Суорун Омоллоон. Хойуу сулустар алтан бытархайын ыһан кэбиспиттии, чаҕылыҥнаһа тураллар. М. Доҕордуурап. Ампаардарыгар, дьааһыктарыгар алтатынан күлүүстэри, иэччэхтэри кутаттаабыт, ааннарыгар алдьаммат буолталарынан наарбалаппыт. Саха сэһ. II

2 аат тыл #

Кыһыл көмүс (аҕыйах холбоһуктарга хаалбыт)

Нууччалыы Золото (сохраняется в немногих сочет.)

  • Көмүс түөстээх күөрэгэйим, Алтан түөстээх далбарайым. Алтан сэргэни ас. Алтан уҥуоҕун араҥастаа, көмүс уҥуоҕун көтөх (аллара көр)

3 даҕааһын #

Алтанынан оҥоһуллубут

Нууччалыы Медный. Уҥа оһох эҥээригэр улахан алтан солуурга эт буһа турар. Эрилик Эристиин. Тыаһыт бургучуйа сылдьар алтан сылабаары аҕалан остуолга уурда. Л. Попов

4 этии #

Нууччалыы Водрузить золотую коновязь (из формулы - благопожелания молодым о семейном счастии, благополучии)

  • Алтан сэргэни ас - ньир бааччы олохтоох, байылыат ыал буол (эдэрдэргэ алгыс көһөр олуга) Алаһа дьиэни айгылатыҥ, Аал уоту айгыһыннарыҥ, Алтан сэргэни анньыҥ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • "Алтан сэргэни анньа, Түөрт бадьыр баҕананы туругурда, Орто бороҥ туруу дьаҕыл дойду олоҕун олохтуу, Тойон аатын тупсара киирдиннэр!" - диэбит үһү Дьылҕа тойон. Ньургун Боотур. Анньылынна алтан сэргэ, Бу үргэл сулус анна Буолла дьол түһүлгэтэ.
    П. Тулааһынап
  • Алтан түөстээх далбарайым (көмүс түөстээх күөрэгэйим) - нор. поэз. тапталлаах дьахтары хоһуйан, киэргэтэн ааттааһын. Θ Золотогрудая пташечка моя, серебогрудый жаворонок мой (поэт. украшающее формула-описание любимой женщины в нар. поэз.). О, татыйыгыам, Алтан түөстээх далбарайыам! Алдан, Амма үрэхтэрдии Арахсыахпыт суоҕа - диирбит дии! Эллэй. [Уол Уһутаакы:] Алтан түөстээх далбарайым, Ахтыбыт да эбиккин, Көмүс түөстээх күөрэгэйим, Көһүппүт да эбиккин!
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (6)
  • Алаата, алаата! Дьэ, көмүс түөстээх күөрэгэйим, Алтан түөстээх далбарайым, Дьэ түрбүөннээххэ түбэстим, уһуктаахха уолдьастым! Ньургун Боотур. Алтан уҥуоҕун араҥастаа, көмүс уҥуоҕун көтөх үрд. (ытыктабыл, сүгүрүйүү дэгэттээх былыргы көһөр олук) - өлбүт киһини ытыктаан, дьоһуннаахтык тутан көмп. Θ Хоронить покойника с честью, с почетом (букв. золотые кости его поднимать, серебряные кости его сложить на араҥас - стилистическая фигура, формула высокого стиля). Уруй үтүөтүнэн, айхал бастыҥынан ол барахсаттар алтан уҥуохтарын араҥастыахпыт, көмүс уҥуохтарын көтөҕүөхпүт.
    П. Ойуунускай
  • Оҕо буолаҥҥын өллөхпүтүнэ көмүс уҥуохпутун көтөҕөөр, алтан уҥуохпутун араҥастаар, баайбытын- быйаҥмытын бас билээр.
    Н. Неустроев
  • [Оннук оҕо] Көмүс уҥуохпутун Көтөҕүө суоҕа, Алтан уҥуохпутун Араҥастыа суоҕа.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Алтан чуораан айах - кэрэ чуор уус тыл; кэрэ чуор куолас. Θ Красноречие; красивый звонкий голос. Алтан чуораан айахпынан Айыыһыты алҕаан, Ахтан туойан Айаарар күнүм арыллыбыт эбит, оҕолоор!
    Саха фольк
  • Айаарар дуо былыр манна Рим аатырбыт араатардарын Алтан чуораан куоластара?..
    М. Тимофеев
  • Ср. тюрк. алтын ‘золото’, монг. алтан ‘золото’

5 этии #

Нууччалыы Лютик. Кырдал бүтүннүү үүт-үкчү кыһыл көмүһү мөлбөччү куппут курдук, ыыс араҕас алтан от! Суорун Омоллоон. Күн түһэн күлүмнүүр диэх курдук - Алтан от анньан таҕыста. С. Данилов. Алааска, хааччах таһыгар Алтан от үүнэн хамсыыр. С. Тимофеев. Тэҥн. ньээм, ньээм от

  • Алтан бас - араҕас өҥнөөх төгүрүк хоруона сибэккилэрдээх кылгас көҥдөй умнастаах киэҥник тарҕаммыт эмтээх от. Арыылаах алаас, Сырдык сыһыы - Сүүтүк от, алтан бас... Үрүҥ, кыһыл сибэкки муората сүрэҕи манньытар!
    М. Тимофеев
  • Алтан от - дьааттаах симэһиннээх араҕас сибэккилээх от

«А» буукуба