Перевод с якутского
дьэс
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы красная медь
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Алтан, булкааһа суох алтан, кыһыл алтан
Нууччалыы Красная медь
Маҥан Маҥхалыын, Аан-Алахчын хаана-сиинэ хамсаата, Хараҕын уута халыйда, Дьэс аалыытын курдук Дьэбидис гына түстэ.
П. ОйуунускайСахалар дьэһи аптаах металл диэн өйдүүллэрэ. Кини киһини куһаҕан тыынтан араҥаччылыыр кыахтаах диэн. Багдарыын Сүлбэ. Уустар туой киэпкэ кутан алтанынан, кыһыл, үрүҥ көмүһүнэн, дьэһинэн -- араас киэргэллэри -- оҥороллоро МАП Чуу Тымтайдаах балыгы ириэрэ охсон -- икки дьэс солуурга ыргыччы буһаран кэбистилэр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Холумтан чанчыгар лобуй бэйэлээх, эмиэ саха ууһа тардан оҥорбут дьэс чаанньыга харааран турар Р. Кулаковскай
2 даҕааһын #
Кыһыл алтантан оҥоһуллубут
Нууччалыы Сделанный (отлитый, кованый) из красной меди, медный. [Симэхсин эмээхсин] Дьэбин сиэбит Дьэс ытарҕата Икки иэдэһин ибили таһыйда
3 даҕааһын #
Кыһыл алтан курдук өҥнөөх, дьэбинниҥи кыһыл; кытарымтыйан көстөр
Нууччалыы Цвета красной меди, красноватый, ржаво-багрово-красный. [Улуу ойуун] Алаҥ-дьалаҥ сырайдаах, -- солууру Дьэлбиһэхтии тиэрэ уурбут курдук Дьэс мэлдьэн төбөлөөх
Дьэс кыһыл буордаах төгүрүк холумтан, Эйиэхэ мин уот оттобун. Баал Хабырыыс Үрэҕи кыйа -- намыһахтык киһи дьиибэргиэх төп-төгүрүк дьэс ый мэлтэйэр Н. Габышев
4 этии #
Нууччалыы Краснеть, алеть, багроветь подобно красной меди
Этиилэр
Дьэс кытар (кыыс)
кыһыл алтан өҥүнүү кытар, кыыс Сыллай Луха -- кэтит сирэйэ дьэс кытаран, -- быһаарыыта суохтук, оҥоччу көрөн турда.
Лэкээрис сирэйэ дьэс кыыһа түстэ, сүрэҕин тыаһа тэптэрии саламаат оргуйар тыаһыгар маарыннаата. Күннүк Уурастыырап Дьэс кыыһа үүммүт күн, Тумаҥҥа кылайа, Тииттэргэ сүгүллэн арҕаалыыр. Д. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Др. -тюрк. йез
5 #
күүһ. эб. Олох, оруобуна
Нууччалыы Как раз, точно, в точности. [Аттара] дьэс хоолдьугунан тэллэхтэнэ түстэ
ПЭК СЯЯ. Хотуурум олох дьэс хоолдьугунан булгу баран хаалла АаНА СТОТ