ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

соһо

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы красная глина, в старину употребляемая вместо краски

1 аат тыл #

Кырааска буолар кыһыл туой

Нууччалыы Красная глина, в старину употребляемая вместо краски

  • Ол онно [хайа сирэйигэр] хаһааҥҥыта биллибэт сахха хаһан да сууйуллубат-сотуллубат гына кыһыл соһонон икки атах ойуу түһэрбит. "Чолбон". Оттон дьаралыкка ойууламмыт атыыры өбүгэлэрбит бэрт былыр таас хайа сирэйигэр соһонон ойуулаан хаалларбыттар дииллэр буолбаат? "Күрүлгэн". Былыр кыргыс үйэтин саҕана тумат буойуннара таҥастарын соһонон кырааскалыыллара үһү дииллэр.
    АЛА КК

2 даҕааһын #

суолт., фольк. Соһо кырааска курдук кыһыллыҥы дьүһүннээх

Нууччалыы Цвета охры, охристый

  • Суол киһитэ Соһо халлаан Суһуктуйан эрдэҕинэ Сулбу ойон турбут -- Суолугар туруммут.
    П. Тобуруокап
  • Соһо былыт ардайдаах, Дорҕоон этиҥ сирдьиттээх, -- Тоҕус хаттыгастаах Добун маҕан халлаан.
    Д. Говоров
  • Соһо былыттардаах кытарымтыйар үрдүк халлаан урсунугар Хара сөмөлүөттэр кынаттаах кымырдаҕастыы сыыллан таҕыстылар
    ХС

3 этии #

Нууччалыы Красновато-пёстрый

  • Соһо чуоҕур - кыһыллыҥы чуоҕур Соһо чуоҕур атыыр илин халлаантан арҕаа халлааҥҥа соһуйан ыстанар үһү (тааб.: халлаан сырдыыта). Эбэ хотун Соҕуруу-хоту өттүнэн Соһо чуоҕур мырааннардаах.
    П. Ядрихинскай
  • Ср. кирг. жошо ‘сурик, красная глина’

«С» буукуба