Перевод с якутского
туой
аат тыл, сыһыат, туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы петь, восхваляя, воспевая кого-что-л
English clay
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Кими, тугу эмэ уруйдаан-айхаллаан ыллаа
Нууччалыы Петь, восхваляя, воспевая кого-что-л
Былыргы саха кыргыттара, дьахталлара киһини туойан, ыллыыр үгэстээх этилэр.
Суорун ОмоллоонОхоноон дьиэрэһитэ туойбутунан, икки илиитин өрө ууммутунан туран кэлэр. Л. Попов Сорох уус тыллаахтар таптыыр дьахтардарын өлөн хаалыа диэн сэрэнэн туойбаттарын туһунан этэллэр эбит В. Кондаков
2 туохтуур #
поэз. Кими, тугу эмэ хоһуйар, ойуулуур айымньыны (ырыаны, хоһоону) айан суруй
Нууччалыы Создавать поэтическое произведение, воспевающее, художественно описывающее кого-что-л
Өлбөт таптал туһунан Аан дойдуга туойаллар. И. Гоголев Бу дойду хатыҥа баараҕай, Кинини Есенин туойбута. Баал Хабырыыс Ырыа чэбдик тыыннаах, үтүө санаалаах, бары өттүнэн холобур буолар киһи идеалын туойар СЛ-8
3 туохтуур #
сөбүлээб. Сымыйаны, оруна суоҕу элбэхтик үрүт-үөһэ кэпсээ
Нууччалыы Нести всякую чушь, молоть вздор, чепуху
"Бу дьонум тугу-тугу туойан бардылар?" – дии саныыр Соппуруон баай. Н. Якутскай Дьон арааһынайдык саныахтара, талбыттарын туойуохтара. Болот Боотур Халлаан киһитэ, Ханна тугу туойбутун, Хаһан хайдах буолбутун Хаһан ааҕан ситээри… Күннүк Уурастыырап
4 этии #
Этиилэр
Халлааҥҥа туойан кэбистэ көр халлаан
Хой баһын (тойугун) туой (тыллас) көр хой
"Эмиэ хой баһын туойан барда!" – Аргыныап [Өксүөнү] саба саҥарар. И. Никифоров Тугу эмэ кэпсээтэҕинэ, букатын хой тойугун туойар, көрдөрөн олорон сымыйалыыр. ЭК
Өссө холобурдар (1)
Ср. чагат. тойук, той ‘род поэзии’
5 аат тыл #
Ууга суурайдахха тиэстэ курдук буолар, ол суурадаһыны уокка сиэттэххэ таастыйар бытархай буор (иһит оҥорууга, тутууга матырыйаал буолар)
Нууччалыы Глина (используется в качестве материала для гончарных, строительных работ)
Сайын аайы Кэтириинэ эмээхсин туой курдук сыстаҥнас буору мэһийэн, балаҕан тас эркинин сыбаан иһэр эбит. П. Аввакумов Баһылайдаах балбааҥка сибиниэһи уулларан баран туойунан киэп оҥорон онно кутан сүнньүөхтэрин оҥостоллор. С. Маисов Үчүгэй туруктаах иһити оҥорорго сөптөөх туойу уус эрдэттэн хаһаанан уура сылдьар МАП ЧУу
6 даҕааһын #
суолт. Туойтан, туой састааптаах буортан оҥоһуллубут, састаабыгар туойдаах (буор, сир)
Нууччалыы Глиняный (об изделии), глинистый (о почве)
Дүөдэ сыырын буора ыраас, туох да булкааһа суох туой буор: билигин да ылан, эллээн туой иһит оҥор. Далан Уустар туой киэпкэ кутан алтанынан, -- көмүһүнэн, дьэһинэн, сибиниэһинэн -- араас киэргэллэри, ыҥыыр иҥэһэтин, сүнньүөҕү, массыына араас чаастарын оҥороллоро. МАП ЧУу. Ыскаап үрдүгэр харчы мунньар туой сибиинньэ холбука турара. Х. Андерсен (тылб.)
7 этии #
Этиилэр
Туой баттах көр баттах
Сүүһүнэн үөрдээх кунньалгылар, туой баттахтар уу көрдөөн киһини таарыйа сыһа сирилээн ааһаллар. А. Яковлев
Туой иһит көр иһит III
Нуучча иһитэ-хомуоһа дэлэйиэн иннинэ өбүгэлэрбит биир суол киэҥник туттар иһиттэринэн туой иһит буолара. Багдарыын Сүлбэ. ДТС, алт., тув, хак. той
8 #
, кэпс. Мэлдьи, куруук, наар
Нууччалыы Бепрерывно, всегда, постоянно. [Маарыйа] туой үөһэ тыынар, улаханнык санааргыыр быһыылаах
Атын оҕолор курдук мээнэ улдьаарбат, туой кинигэлээх сылдьар буолар.
Суорун ОмоллоонСанаа сүрдээх күүстээх, туой дойдубар этэҥҥэ тиийиэҕим дии саныыбын уонна тиийиэх да тустаахпын Күрүлгэн