Перевод с якутского
иэй-туой
туохтуур
Нууччалыы петь, говорить, звучать задушевно, чувственно, волнующе
1 туохтуур #
Киһи дууһата долгуйар, уйадыйар гына ыллаа, туой, саҥар
Нууччалыы Петь, говорить, звучать задушевно, чувственно, волнующе
Иэйэр-туойар нарын куолас, чараас түү кынаттарынан тайаарбахтаан кэлэн, Дэнаган сүрэҕин ыгыта кууспаҕалаата. А. Федоров [Хабдьы] ыҥырар, иэйэр-туойар саҥата, бэрт хойуу, бэрт омуннаах: эбэ-эбэ-эбэ, эбээх-эбээх! Н. Заболоцкай Эр бэрдэ биир кыыска Иэйэрэ-туойара, ааттаһа, ардыгар уордайа. С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Этигэн тыллаах хомус иэйэ-туойа этэрэ, эккэ-хааҥҥа иҥэрэрэ бэрт элбэх С. Федотов
2 туохтуур #
Улаханнык саҥа таһааран ытаа-соҥоо, сулан-кэлэн
Нууччалыы Громко причитать, оплакивать, плакать по кому-л
Бу киһиэхэ биэримэ диэн, ааттыы, иэйэ-туойа сатаан кэбистим. Н. Неустроев Хаайыылаах дьоннортон сорохторо тоҥон, үлүйэн иэйэр-туойар хаһыылара иһиллэр. Эрилик Эристиин Көмө таһааралларыгар, ийэтэ Өрүүнэ инчэҕэй эттээх тулуйбатыннан иэйдэ-туойда. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Аан Далбар эмээхсиэн, уоскуй... Тыынар, тыыммат барыта сандал күн барахсаны Ыллыы көрсөллөр, Ыллыы атаараллар, Күн көрөрүгэр суланар-кэлэнэр, иэйэр-туойар айыылаах буолуо И. Гоголев