ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэй

туохтуур

Нууччалыы ласкать

English (by extension) to caress

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы ласкать

English (by extension) to caress

  • эбэтэ сиэнэ кыыһы кууһар, иэйэр
    бабушка обнимает и ласкает девочкуthe grandmother hugs and caresses the girl

2 туохтуур #

Нууччалыы стонать; вопль

English to moan, to (be)wail

  • ыарыһах айаккалыыр, иэйэр
    больной стонетthe patient moans

3 туохтуур #

Ис искиттэн (этиҥ-хааныҥ өрүкүйүөр, долгуйуоххар диэри) манньыйан, көнньүөрэн кэл

Нууччалыы Испытывать внутренний прилив радостного волнения, вдохновение, быть в отличном настроении

  • Саймаархай салгыннаах сандал саас маҥнайгы үтүөкэн, күндээрэр күөх халлааннаах күннэрин ким истиҥник эҕэрдэлии, ис сүрэҕиттэн иэйэ көрсүбэтий!
    С. Никифоров
  • Ол кырдьаҕас сылбырхай чэйи иһэн сырылата-сырылата бэркэ иэйэн аргыый сэһэргии олорбута.
    П. Филиппов
  • Күн киирэрин Джамиля ис иһиттэн иэйэн иһийэн туран көрбүтэ. Ч. Айтматов (тылб.)

4 туохтуур #

Кимиэхэ эмэ доҕордуу, истиҥник, чугастык сыһыаннас

Нууччалыы Быть дружески настроенным, расположенным к кому-л

  • Буолар-буолбат баайсыынан, Муҥнаамаҥ даа киһини! Эрэннэххэ, иэйдэххэ Эр бэрдэ буолан тахсаарай!
    Л. Попов
  • Илииһинэй тылы эппэт, Идэҥ-халаҥ буолан, иэйбэт, Мэлдьи иҥин хаана сойбут, Мэлдьи дьэбин уоһуйбут
    Күннүк Уурастыырап

5 туохтуур #

Улаханнык саҥа таһааран айманан, ытаан сулан, онолуй

Нууччалыы Причитать; громко, жалобно стенать

  • Һуу! Өллүм да өллүм... абырааҥ... Ийэккээм, оҕотоо, өллүм... Аҕаккам оҕотоо, өллүм... Абытайбын да айыккабын... һуу!.. – диэн иэйбитинэн барда.
    П. Ойуунускай
  • [Оҕом Киэсэ] итинтэн аҕыйах хонон баран аҕата тиийэн кэлбитигэр, кини Дьаҕаарап кинээс оҕото буоларын уонна аҕатын кытта барсарын туһунан эппитигэр иэйиикээн иэйиитин иэйбитэ.
    Эрилик Эристиин
  • Эн иннигэр, ыар курус чааскар ытыы-соҥуу мин иэйбитим. А. Пушкин (тылб.)

6 туохтуур #

поэт. Киһи дууһатын таарыйардык араастаан уларыйан дьиэрэй, дуорай, тыаһаа

Нууччалыы Издавать волнующее звучание, берущее за душу, доходящее до самого сердца

  • Ойуур кэтэх томторугар Оҕо-уруу үҥкүүлүүрэ, Бастыҥ күүлэ кырыытыгар Байаан оонньоон иэйэрэ.
    С. Васильев
  • Абылаҥнаах төрөөбүт буорум, Эн миигин кэрэҕэ угуйаҕын, Нарыннык иэйэр хомуһум Дьикти ырыатыгар уһуйаҕын! Чэчир-76. Алыптардаах дорҕооттор Имэҥнээхтик иэйдилэр: Хаары хаһар тугуттар Илэ көстөн кэллилэр.
    Н. Калитин
  • Ср. тюрк. сэв ‘любить’

«И» буукуба