ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэй-куой

туохтуур

Нууччалыы сетовать, стенать, плакать жалобно, громко

1 туохтуур #

Саҥа таһааран ытаан-соҥоон, сулан

Нууччалыы Сетовать, стенать, плакать жалобно, громко

  • Онно ытыы-соҥуу, иэйэ-куойа сырытта: "Иһиликпин-таһылыкпын, иэдээммин – алдьархайбын, аарыкпын-айдааммын оҕолор!"
    Саха фольк
  • Уолчаан түүнү мэлдьи ыһыытыы-хаһыытыы, иэйэ-куойа олорбута.
    И. Федосеев
  • Биһиги быыкайкаан Венерабытын куоракка илдьэн, тугун-ханныгын ситэ билбэт тэрилтэбитигэр туттарарбытыгар, оҕобут сайыһан иэйэрин-куойарын истэ-истэ хайдах санааҕа ылларбыппытын, бука, оҕолоох эрэ киһи барыта өйдүөҕэ дии саныыбын
    Кыым

2 туохтуур #

Ис искиттэн өрүкүй, манньый, өрө көтөҕүлүн

Нууччалыы Вдохновляться, воодушевляться, воспрянуть духом

  • Иэйэн-куойан, ирэн-хорон олороннор ис-быар санаалара хайдах сатанан тахсарынан ыллыыллар.
    Күндэ
  • Эмээхсин үөрбүт-көппүт, иэйбит-куойбут, өйдөөх-санаалаах сэбэрэтэ ордук тупсан үтүө майгыланан көстөр.
    И. Данилов
  • С. Прокофьев сэттис сонататын өссө ордук табыллан, иэйэн-куойан оонньоото.
    ЭК
Өссө холобурдар (1)
  • Кини да киһи – итиннэ оҕо ытыы олордоҕуна, манна кэргэнэ талыгырыы сырыттаҕына, ама кинитин иһин, хайдах иэйэн-куойан үлэлии олоруон өйүм хоппот
    ХС

«И» буукуба