ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

энэлий

туохтуур

Нууччалыы громко, протяжно стонать, плакать, причитать, стенать

1 туохтуур #

Улахан ыарыыттан, аһыыттан суланар курдук уһуннук саҥа таһаара-таһаара, ынчыктаа, ытаа

Нууччалыы Громко, протяжно стонать, плакать, причитать, стенать (от тяжёлой болезни или большого горя)

  • Алаас кулуһуннаах күөлүн үрдүнэн бар дьон энэлийэ ытыыра эҥсиллэ уһунна.
    Амма Аччыгыйа
  • О, эн кэбис куттаныма – Суланыа, ытыа – диэҥҥин, Энэлийэн, ынчыктаан, – Бар дьонун куттуо, – диэҥҥин.
    С. Данилов
  • Кини ойоҕо Алааппыйа эмээхсин хаҥас диэки энэлийэр саҥата иһиллэр
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Киһи уһуннук ынчыктаан ыган ытыырын курдук дорҕоону таһаар эбэтэр оннук тыаһаа (хол., силлиэ, буурҕа)

Нууччалыы Издавать звуки, похожие на стон, плач, выть (напр., о сильном ветре, буре)

  • Оттон буурҕа син биир энэлийэр, суланар-саанар, абааһы уолунуу бэйэтин арбанар, ыйылыыр.
    Н. Габышев
  • Таһырдьа хобдох баҕайы тыал үөлэс үүтүгэр энэлийэр. Дьүөгэ Ааныстыырап. Былыр манна куруҥ тыаҥ Кутурҕанын туойара, Иччилээхтик силлиэ тыал Энэлийэр буолара.
    П. Тулааһынап
  • Аан энэлийэн аһылынна.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тат. инэлү ʽумолятьʼ, алт. энеле ʽтосковать, сетовать, скорбетьʼ, монг. энэлэх ʽгоревать, сокрушаться, скорбеть, страдатьʼ, эвенк. эну ʽболетьʼ

«Э» буукуба