ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэйии

аат

Нууччалыы разные проявления, движения человеческой души, чувство

аат

Киһи ис дууһатын араас уларыйыыта, хамсааһына, эймэниитэ

Нууччалыы Разные проявления, движения человеческой души, чувство

  • иэй диэнтэн хай. аата. Этэр тыл эриэккэһэ уонна сүрэх иэйиитин эрчимэ тус-туспа төрүттээх буолуохтарын сатаммат.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьахтар иэйиикээн иэйиитин иэйэ, туойукаан туойуутун туойа, арҕаа халлаан алын сайыытын диэки баран эрэр саҥата иһиллибит.
    Эрилик Эристиин
  • Муора муннуктарыттан Улуу бурут тыаһа Куҥкунуу куугунуура. Сир кырыыларыттан Иэйэхсит иэйиитэ Иммэнийэн иһиллэрэ. С. Зверев
Өссө холобурдар (3)
  • Киһи өйө-санаата, киһи иэйиитэ этиэхтэн эгэлгэ элбэх өрүттээх, үтүмэн үгүс өҥнөөх-дьүһүннээх. Софр. Данилов. Бу наҕыл чуумпу киэһэ дьикти ырыа кэрэкий тылларыныы миигин кууспут нуһараҥ иэйии Аайаҕа эмиэ киирбитэ буолуо дуу?
    Далан
  • Поэзия диэн ол-бу быһылаан, от-мас туһунан буолбакка, киһи санаатын, киһи иэйиитин күөртээһин буолуохтаах.
    В. Яковлев
  • Олох бастакы сибэккитэ – бастакы таптал. Бастакы, сатаабатаргын да ис дууһаҕын уматар истиҥ уураһыы... урут хаһан да билбэтэх сылаас, сырдык, үктэнэн турар икки атаҕыҥ ийэ сиргин да билбэт буолар истиҥ иэйии
    Э. Соколов

«И» буукуба