Перевод с якутского
уулаа
туохтуур
Нууччалыы напиться воды, утолить жажду (о животных). [Куобах] биирдэ өйдүү түспүтэ уулаабатаҕа хас да хоммут
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Уута ис, утаххын ханнар (сүөһү, кыыл туһунан)
Нууччалыы Напиться воды, утолить жажду (о животных). [Куобах] биирдэ өйдүү түспүтэ уулаабатаҕа хас да хоммут
Саха ост. I. Оҕустара алта уон иккитэ омурдан уулаата. Амма Аччыгыйа Таас үрэххэ түүн дуолан Тайах уулуу киирбитэ. И. Гоголев Ынахтар ойбонтон уулаан тахсаннар -- хотоннорун диэки бара турдулар Эрилик Эристиин
2 туохтуур #
Элбэхтик, баҕаран туран, куллурҕаччы уута ис (киһи туһунан – сүөһүгэ майгыннатан этии)
Нууччалыы Напиться много, жадно, с булканьем (о человеке – наподобие животных). [Тойон Ньургун] Ыаҕастаах ууну Уулаан куллурҕатан, иһэн кэбистэ
ТТИГ КХКК. Мин өрүскэ таҥнары түһэ сытан тыбыс-тымныы ууну уулуубун. Элбэҕи да истим Т. Сметанин
3 туохтуур #
Мууһу, хаары ириэрэн, ууга кубулут, уу оҥор
Нууччалыы Растапливать лёд, снег; превращать лёд, снег в воду
Табаларбытын ыыталаан баран, сорох киһи уот оттон, хаар уулаан чэй оргута барда, сорох балаакка тута барда. А. Софронов Итиннэ дьөлө тимирэн туруоҥ дуо, муускун киллэрэн уулаамына! Эрилик Эристиин Хаар уулаан чэй өрүннүбүт, эт буһарынныбыт. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Муус уулуур саха ууһа тардан оҥорбут обургу дьэс алтан солуура турар Р. Кулаковскай
4 туохтуур #
Испиири кытта ууну булкуй (уоҕун-хатанын сымнатаары)
Нууччалыы Разбавлять спирт водой для уменьшения его крепости
Доропуун оҕонньор испиири уулаан, остуол үрдүгэр килбэтэн кэбистэ. Н. Заболоцкай Аким Акимович булка хаһан да умнубат "эмин" – биир бытыылка арыгылааҕын – уулуу күөлгэ киирбитэ. Н. Габышев Уолаттар хаалан кистээн сипсистилэр, Испиири уулаан имэҥирэн истилэр. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Үс суотай испиирбин уулуубун И. Бочкарёв
5 туохтуур #
Көмүскэ алтаны булкуй
Нууччалыы Добавлять медь к чистому серебру, золоту во время плавки
Манньыакка алтаны уулууллар ПЭК СЯЯ
6 туохтуур #
Кумаар, тигээйи туһунан: оборон ыл (хол., киһи-сүөһү хаанын); дьөлө, тобулу сиэ (хол., киһи-сүөһү тириитин)
Нууччалыы О кровососущих насекомых: всасывать (напр., кровь человека, животных); кусать насквозь (напр., кожу человека, животных)
Хоту дойду тыатын бу кырыыстаах үөннэрэ [кумаардар] кыыл табалары, тайаҕы, бэл диэтэр, эһэни кытта хааннарын уулаан өлөрбүт түбэлтэлэрин мин элбэхтик көрөр этим. Н. Заболоцкай Эбэтэр кумаар үрдүгэр кумаар хас да дьапталҕа буола олорон, таба хаанын хааппыланы да хаалларбакка супту уулаан, өлөрөн кэбиһэллэр. И. Федосеев Тигээйилэр табалар тириилэрин уйан, ыарыылаах сирдэринэн дьөлү уулаан куйукталарын уураллар ХС
7 туохтуур #
Кыра-хара дьону атаҕастаа, көлөһүннээ-баттаа
Нууччалыы Подвергать эксплуатации, притеснять бедный люд
Дьокуускай Эбэ хотун Түөрт улууһун бүрүүкээбит, Уон тоҕус нэһилиэгин уулаабыт Чоочо баай тойон абаҕам -- Иринньэх ийэтэ, араҥа аҕата Аатырарын биллибэт. С. Зверев Дьэдьэннии тэтэрбит иэдэстээх эдэрдэр! Ооҕуй баай уулаабат, сор-баттал тууйбат, Ол иһин көҥүл күн көмүстүү күндээрдэ. Эллэй. Мөлтөҕөр бүтүн нэһилиэги умса уулаан олорбута дии А. Сыромятникова
8 этии #
Этиилэр
Супту уулаа (обор) көр обор
Соххор-доҕолоҥ Субай хаанын Супту уулаабыт. С. Зверев Аны кини биһиги хара көлөһүммүтүн супту уулуу олорбута тохтуура буолуо. А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
Улахан баай сүүһүнэн киһи көлөһүнүн супту уулаан байар диэн этэллэрэ чахчы эбит. Н. Якутскай