ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уул

туохтуур

Нууччалыы обращаться в воду под влиянием тепла (о снеге, льде), таять

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Сылаастан ирэн уу буолан хаал (хаар, муус туһунан)

Нууччалыы Обращаться в воду под влиянием тепла (о снеге, льде), таять

  • Кыыдаан сата бохтон, кырыа хаарбыт уулла.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Баанньык] тас өттүнэн муус түннүктэрдээх, иһигэр баар таастаах арааманы мууһа уулбатын диэн хаххалата ууруллубут.
    Эрилик Эристиин
  • Хаар уулбутун кэннэ көмөр бэлэмнииргэ садырыын ыраас уутун ыллараллара, кирдээх уунан умуруортарбат этилэр
    МАП ЧУу

2 туохтуур #

Кытаанах эттик туһунан: үрдүк температураттан сымнаан, ууллаҕас буолан хаал, убаҕастыҥы эбэтэр убаҕас турукка киир

Нууччалыы О твёрдом предмете: размягчаясь, становиться жидковатым или жидким под воздействием высокой температуры, плавиться

  • Оҕонньор уулбут итии арыынан уҥунуохтаммыт ытыһынан Симон өлөрбүт атаҕын, тарбахтарынан бигии-бигии, имэрийэ олорбута.
    Л. Попов
  • Лаҕыыр курдук чүмэчи тоһоҕоһо уулан иһэн тоҥмута лаһыгыраан көстөр.
    Эрилик Эристиин
  • Киэҥ Кэҥкэмэ үрэх элбэх күөллэрэ -- уулбут үрүҥ көмүс курдук күлүмнээн, долгуннуран, мэҥийсэ сыталлара
    Чолбон

3 туохтуур #

Дьүдэй, иинэн-хатан хаал

Нууччалыы Худеть, чахнуть (от болезни, горя)

  • Ол күнтэн ыла нарын Кыыс ыардык ыалдьан хаалар, Иинэр-хатар күн айыытын. Бардам Додор кыырдарар Ойуутары… Эт туппут Кыыс чүмэчи курдук ууллар
    И. Гоголев

4 туохтуур #

Уйадыйа манньый (тапталтан, хайҕалтан)

Нууччалыы Приходить в умилённое, томное состояние (от любви, похвал)

  • Урут мөҥүүттэн, хаһыыттан ураты саҥаны истибэтэх Сылгыһыт Сүөдэр сордоох тойонун сымнаҕас тылыттан-өһүттэн сыа курдук ууллан хаалла.
    Н. Якутскай
  • Соппуруон олус кичэйэн суруйда. Онтон кыыс хараҕын утары көрөн уулла туймааран, билиэтин биэрдэ. Сиэн Чолбодук. Кэпсэтэр киһитэ Кэлэн биэрэрэ буоллар, Убураан ылыахтыы Уулла, уйадыйда
    П. Тобуруокап

5 этии #

Нууччалыы Подвергаться гниению до разложения (напр., мясо)

Этиилэр

Сүрэҕэ-быара уулунна көр сүрэх-быар

  • [Бүөтүр:] Мэлдьи сүрэҕиҥ-быарыҥ ол таптыыр киһиҥ туһугар уулан тохто сылдьар буолар.
    А. Софронов
  • Дьиҥин ыллахха, Мааканы ахтан, сүрэҕим-быарым төһө да уулбутун иһин, миигин кытта олорор санаата суоҕун өтө билэбин.
    А. Бродников

Сүрэҕэ ууллар көр сүрэх I

  • Сэгэлдьитэ, Дэгэлдьитэ Өрө биэрэ, Үөрэ-дьүөрэ Үктэнэллэр, Үҥкүүлүүллэр Сахам кэрэ кыргыттара – Сүрэх ууллар аанньаллара.
    И. Федосеев
  • Тапталтан сүрэҕим уулла диэн Тааламанньыйа туойуохпун – Талаантан маппыт кириитиктэр: Сүрүн да, сүрэҕэ сыа буолан! Сөрүүҥҥэ сырыттын! - дэһэннэр, Сүөргүлүөх муҥнара буоллаҕа…
    П. Тобуруокап

Сүһүөҕэ уулла (уулунна) көр сүһүөх I

  • Кэнникинэн атаҕым улам ыараан, сүһүөҕүм ууллан барда.
    И. Данилов
  • Тойон таҥараттан көрдөһөрбөр сэниэм эһиннэ, тобуктуурбар сүһүөҕүм уулунна.
    ХС

Уула сытыйбыт

наһаа сымнаан, буортуйан, ириҥэ, чалахай курдук буолуор диэри сытыйбыт (хол.

  • , эт) Илииҥ уула сытыйдын! Кырыыс. Уҥкучахха көмөн уула сытыйыар диэри уурунара үһү [тайах этин].
    П. Тобуруокап
  • Уула сытыйбыт хортуоппуй. ФНС ОАҮүС

«У» буукуба