ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уйадыт

туохтуур

Нууччалыы размягчить под действием тепла, жары

I

1 туохтуур #

Сылааска, итиигэ тугу эмэ сымнат, кэбирэт

Нууччалыы Размягчить под действием тепла, жары

  • Морос тугу барытын сатыыр. Дьоммутуттан икки иннэни көрдөөн ылан, кытарбыт чоххо уйадытан, токурутан күөгү оҥордо.
    Ф. Захаров
  • Булчуттар массыына эргэ покрышкатын боробулуохатын ылан уокка уган уйадытан туһах оҥостооччулар.
    М. Попов
  • Быйыл ичигэһэ бэрт. Мууһу лаппа уйадыппыт, номнуо ырбыыта кэҥээн эрэр
    ХС
II

2 туохтуур #

Кими эмэ улаханнык долгут, дууһатын таарый

Нууччалыы Растрогать, умилять кого-л

  • Уолбут эһэтин лаппа маарыннаатаҕына, эбэтин уйадытыаҕа.
    С. Дадаскинов
  • "Уолум Ньукулай баара буоллар, билигин эн курдук үлэһит киһи буолуо этэ", – диэн ытамньыйан ылбыта. Кырдьаҕас ийэ ытамньыйбыта миигин уйадыппыта. ХБИДК. Киһи кутун-сүрүн уйадытыах курус муусука дьүрүһүйэр
    Чолбон

«У» буукуба