Перевод с якутского
дьырылаа
туохтуур
Нууччалыы переливаться, заливаться звонкой, нежной, длинной трелью
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
тыаһы үт. туохт
Күөрэгэй үөһэттэн Салгыҥҥа тырымныыр, Көстүбэт үрдүктэн Ырыата дьырылыыр. Күннүк Уурастыырап Араас дьикти куоластаах чыычаахтар ырыалара салгыҥҥа дьырылыы тохтор. Л. Попов Ыккый ойуур быыһыгар -- Ымыы чыычаах барахсан Ырыаката дьырылыыр Е. Иванова
2 туохтуур #
Дьыр-дьыр-дьыр диэни түргэнник субуруччу эппит курдук саҥаны нарыннык, уһуннук таһаар (үксүн чыычаах ырыатын туһунан)
Нууччалыы Переливаться, заливаться звонкой, нежной, длинной трелью (обычно о пении птички)
3 туохтуур #
Нарыннык, биир тэҥник илигириир дорҕооннору таһаар (хомус, атын да муусука туһунан)
Нууччалыы Слышаться, раздаваться (о нежном переливчатым, дрожащем звуке хомуса или др. музыкального инструмента)
Сүр имигэстик хомуска оонньоон барда. Истиэхтэн эриэккэс кэрэ дорҕооннор дьырылаатылар, дьурулаатылар. И. Гоголев Истэҕиэн, муусука дорҕооно дьырылыыр, кэрэтиэн! Имэҥнээх муоралыы долгуран дьиктитин! А. Абаҕыыныскай Көтөр араас саҥатынан Күйгүөрэ сатараан, Хомусчааным лыҥкынаа, Күөрэгэйдии дьырылаа, Татыйыктыыр чыычаахтыы Тылыбырыы чугдаарый! П. Дмитриев
4 туохтуур #
Аһаҕастык уонна уһуннук кистээ (сылгы туһунан)
Нууччалыы Ржать звонко и протяжно (о лошади)
Ханна эрэ ыраах кулунчук кистээн дьырылыыр. Атыырдар биэлэри таптааннар, Эйэҕэс чуор куолас дьырылыыр Эрилик Эристиин
5 туохтуур #
I. Эмискэ улаханнык долгуйууттан, куттаныыттан, тымныыны-итиини билииттэн о. д. а. этин сааһа аһыллан (киһи ньиэрбэтин туһунан)
Нууччалыы Задрожать от внезапного сильного волнения, от чувства страха, холода или тепла и т. п
Даайыс [кутталыттан] этин сааһа дьырылаан баран, атаҕын сүһүөхтэрэ кыйан, кычыгыланан барбыттара. Н. Заболоцкай Кини көһүйэ тоҥмут этин-хаанын бу уот угуттаан, минньигэстик дьырылаан киирдэ. Д. Таас Үчүгэйиэн дьүүктэ уута! Тииспит дьырылаата. С. Тарасов
Өссө холобурдар (2)
Уол уураабыта Октяҕа этин сааһынан ип-итиитик дьырылаан киирдэ. М. Попов Ама, хайа саха сүрэҕэ дьырылаабакка өйдүөҕэй саха кыыһа кэрэ куолаһынан ыллаан дьырылата, көрөн-истэн тырымната турарын?! Т. Сметанин
6 туохтуур #
Эмискэ минньигэстик билин (үчүгэй, сытыы сыт туһунан)
Нууччалыы Ощутить острый приятный запах
Ок-сиэ, бу тыам сыта барахсан сүрэхпэр-быарбар дьырылаан киирэрэ, эчи минньигэһин баҕаһын. С. Ефремов Борокуоппай -- уолун көтөҕөн ылан ньилбэгэр олордор уонна сыллаан ылар, оҕо сыта дьырылаан үчүгэй даҕаны. А. Бэрияк Сүр минньигэс сыт муннум таныытынан дьырылаан киирбитигэр уһукта биэрдим ХС
7 туохтуур #
Ыга баттааһынтан, ыарыыттан утуй, дырылаа (эт-сиин туһунан)
Нууччалыы Онеметь; (о части тела) ощутить дрожь в теле (от давления, лежания или от болезни)
Уһуктубута, хаҥас илиитин баттыы сыппыта утуйан хаалбыт, араастаан дырдыргыыр, дьырылыыр, кыайан хамсаппат. В. Тарабукин Оттон куҥ курдук буолбут ыбыс-ыарахан илиитэ өссө эбии көһүйэн, тыбыс-тымныы буолан, дьырылаан барда А. Сыромятникова
8 туохтуур #
дьүһ. туохт. Биир тэҥник кэчигирээн, кэккэлии тур (синньигэс көнө предметтэр тустарынан)
Нууччалыы Стоять ровным рядом на одной линии (о тонких прямых предметах)
Оскуола эрэһиэҥкэ олбуора ыраахтан дьырылаан көстөр. Симон Павлович улахан көлүөһэлээх массыына аттыгар туран, аҥаар атаҕынан үктээн, лип-лап гыннардаҕын аайы, бэчээттэнэн дьырылаабыт буукубалардаах кумааҕы лииһэ тахсан кэлэр. Д. Таас Ыраастаммыт өттүгэр цистерна арматуратын таҥан таһааран эрэллэрэ уһун синньигэс балык дьардьаматын курдук, субуччу дьырылаан көстөр В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Дьэрэкээннэнэн, таҥалайданан көһүн. Θ Казаться ярко украшенным, орнаментированным. Итинтэн үс-түөрт хаамыыны дубук алларбыттара буоллар, ол онтон ыла сүрдээх дьара таас харгы дьырылыы сытар В. Яковлев