ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мастый

туохтуур

Нууччалыы деревенеть, становиться твердым, грубым

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Уҥуоҕуран, кытаатан мас курдук буол (хол., оту, сиэнэр үүнээйини этэргэ)

Нууччалыы Деревенеть, становиться твердым, грубым (о травянистых растениях)

  • Хойутаан оттоотоххо от мастыйар уонна иҥэмтиэтэ аччыыр. СОТ. Сиик тиийбэт буоллаҕына, эрэдьиискэ аһа мастыйар, аһыы амтаннанар. ФНС ОАҮүС. Оттор мэлдьи кэриэтэ мастартан, сэппэрээктэртэн намыһахтар. Кинилэр умнастара сүмэһиннээхтэр, күөхтэр уонна хаһан да толору мастыйбаттар.
    КВА Б

2 туохтуур #

Кырдьан, эбэтэр ыалдьан сүһүөхтэргин имигэстик кыайан хамсаппат буол, бороҕодуй

Нууччалыы Утрачивать гибкость, подвижность, становиться негибким, малоподвижным (о суставах)

  • Кини аҥаар атаҕын сүһүөхтэрэ дьарҕаран мастыйбыттар, тайаҕынан арычча хаамар.
    Амма Аччыгыйа
  • Оҕонньор сиэнин мастыйбыт тарбахтарынан санныттан харбаан ылла.
    М. Доҕордуурап
  • Ылдьаа илиилэрин, атахтарын тарбахтара көһүйэр, ыалдьар идэлэммиттэрэ, улам-улам хамсаабат, мастыйар кутталламмыттара. Сыл кэриҥинэн илиилэрэ, атахтара адьас мастыйбыттара
    ХС

3 туохтуур #

Өр олорууттан, хамсамматахтан эбэтэр тоҥууттан көһүй, көнтөрүк буол, бөҕүөр

Нууччалыы Онеметь, утратить чувствительность, костенеть (от холода, неподвижности). [Дьөгүөссэлээх] уһуннук олорон айаннаабыттарыттан атахтара көһүйбүт, сүһүөхтэрэ мастыйбыт этилэр

  • Урааннаах уһун кыһын устата эһэ аһаабакка сытар буолан, сыҥааҕын иҥиирдэрэ мастыйан, айаҕын аанньа аппат буолан хаалар. ЧМА СБ. Ногин бу түүн куобах кээнчэтин уһулбатаҕа гынан баран, -- атаҕа мастыйбыт, бөҕүөрбүт этэ. Ю. Чернов (тылб.)

4 туохтуур #

түөлбэ. Өр сытан курсуй, эргэр, сибиэһэй амтаҥҥын сүтэр (үксүгэр эт, балык аһы этэргэ)

Нууччалыы Утратить свежесть, терять вкус (о мясном, рыбном продукте)

  • Кырдьыга, сааскы анды аҕырбыт, балык мастыйбыт этэ гынан баран, бары да сирбэтэхпит
    Далан

«М» буукуба