Перевод с якутского
обор
туохтуур
Нууччалыы сосать
English to suck
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Нууччалыы сосать
English to suck
хамсаны обор сосать трубку, то есть куритьto suck on a pipe бадараан оборор болото затягиваетthe swamp sucks
2 туохтуур #
Айаххар уган баран, уоскунан эпсэри ылан күүскэ соппой
Нууччалыы Всасывать, втягивать губами что-л. в рот; сосать (напр., трубку)
Уол туох да саҥата суох мутук хамсатын ылан оборбута буола-буола, уот диэки көрөн олордо. А. Софронов Харалаампый көмүрүөнү оборон суубурҕатта. Софр. Данилов. Эн балык уҥуоҕун илдьи ыстаан симэһинин эмэр үгэстэн, эттэн уҥуоҕун силиитин оборон ылар буол Р. Баҕатаайыскай
3 туохтуур #
Салгын күүһүнэн бэйэҕэр эҕирийэн ыл (хол., туох эмэ хайаҕаһынан, көҥдөй тугунан эмэ)
Нууччалыы Вобрать в себя втягивающим движением (напр., через какую-л. щель или что-л. удлинённое и полое)
Массыына буочукалаах ууну дьөлө оборон ылар. Эрилик Эристиин [Эмчит] үс күн эмтээн, уҥуоҕунан оборон (сүллэрдээн) ыарыыны тоҕо тардан ылар. ПНИ АДХ. Сорох усулуобуйаҕа аллара түһэр сүүрээн олус түргэн буолар, онон акыйаан үрдүгэр сүүнэ улахан оборон ылар хайаҕас үөскээччи ДьДьДь
4 туохтуур #
Батары киирэр гына бэйэҕэр тардан ыл (хол., кута, оборчо туһунан)
Нууччалыы Засасывать, затягивать, вбирая в себя (напр., о трясине, топи)
Кута тугу барытын оборон ылар Инчэйиэр диэри бэйэҕэр иҥэрин (хол., туох эмэ убаҕаһы). Θ Всасывать, впитывать (напр., влагу, что-л. жидкое). Таҥаһым ууну оборон ыараан хаалла. М. Доҕордуурап [Оҕо] саппыкыта ууну баһан, соно, таҥаһа ууну обороннор, дьаакыр буолан таҥнары тардыбыттар. И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
Ити элэмиэннэри үүнээйи почва суурадаһыннарыттан ууну кытта силиһинэн обороро. ФНС ОС Атын туохтан эмэ бэйэҕэр сыһыаран ыл (хол., сыстаҥнаһы, инчэҕэйи). Θ Впитывать (напр., что-л. вязкое, влажное). Оборторор кумааҕы сыа бээтинэтин бүтүннүүтүн оборон ылыар диэри хас да төгүл өтүүктэнэр. ДьХ. Бу таас тугу барытын оборор, бэйэтигэр тардар аналлаах ПАЕ ЭАБ
5 туохтуур #
Быһа эм (хол., киһи этин-хаанын, дууһатын); ким эмэ чэгиэн туругун айгырат
Нууччалыы Высосать (все соки из кого-л.); сосать (о тупой длительной боли)
"Ити киһини кытта уһун уоту оттон олоруоҥ суоҕа, симэһиҥҥин оборон сиэн баран сирэн быраҕан кэбиһиэ", - диэбитэ. В. Титов "Хаарыан ынахтан, үрүҥ көмүс манньыаттан матарым кэллэҕэ" диир санаата кини сүрэҕин быһа оборор. М. Доҕордуурап Уола улуус сүмэтин оборон чупчуруйбута С. Васильев
6 этии #
Нууччалыы Эксплуатировать, выжимать пот из кого-л., сосать, пить кровь из кого-л
Супту обор - 1) кэпс. кими эмэ көлөһүннээн, барытын бэйэҕэр иҥэрин, апчарый (хол., үбүн-аһын) Саха киһитэ ыраахтааҕы былааһа дьадаҥыны-мөлтөҕү умса баттаан хара көлөһүнүн супту оборорун билбитэ.
П. Ойуунускай[Манчаары:] Чоочо улууһун иһинээҕи тулаайах үбүн-аһын барытын былдьаан-талаан ылар, тиийиммэт-түгэммэт хааннаах хара көлөһүнүн супту оборор. В. Протодьяконов; 2) ким эмэ өйүн-санаатын, сүрэҕин сүүй. Θ Свести с ума, пленить, соблазнить кого-л. Мила Уйбааны супту оборон ылбыта, Марыыҥка умнуллубута. П. Чуукаар
7 этии #
Оборор ньуолахтар биол. - үүнээйи силиһигэр баар, ууну оборорго аналлаах ньуолахтар Силиһигэр баар оборор ньуолахтар үүнээйи улаатарыгар улаханнык туһалыыллар. КВА Б. Др. -тюрк. өпүр
Нууччалыы Всасывающие волоски, которые находятся у корней растений