ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиэрэ-маары

сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы беспорядочно, неаккуратно, как попало

Ис хоһооно · 4

1 сыһыат #

Сатамньыта суохтук, олдьу-солдьу

Нууччалыы Беспорядочно, неаккуратно, как попало

  • Тиэрэ-маары түспүт Титирик-иһирик ойуурдар Тэтэрэн-чэлгийэн эрэллэр.
    А. Софронов
  • Тиэрэ-маары үүммүт бөдөҥ тиистэрин көрдөрдө.
    Амма Аччыгыйа
  • Халтарыйан охтумаары сүһүөхпүн былдьаһан, тиэрэ-маары үктэнэбин
    М. Доҕордуурап

2 сыһыат #

Туох да бэрээдэгэ суох

Нууччалыы Врассыпную, в разные стороны

  • Тыа иһигэр эмиэ тыас ньим-ньим гына түстэ да, тиэрэ-маары барыы буолла
    Эрилик Эристиин
  • Дьэ, тиэрэ-маары сэһэннэр ыалтан ыал аайы тарҕаналлар
    ХС

3 даҕааһын #

суолт. Бутуурдаах, өйдөммөт

Нууччалыы Искаженный, извращённый, сумбурный

4 этии #

Нууччалыы Вращать глазами

Этиилэр

Тиэрэ-маары көр

харахтаргынан үөһэ-аллара көр "Дьолбут дьэ тосхойдо!" – Суор ойуун хараҕын тиэрэ-маары көрө-көрө кыҥынайар.

  • Анатолий хараҕын тиэрэ-маары көрдө, сутуругун күөрэҥнэттэ.
    Л. Попов
  • [Чаабый] Уулаах диэки кыччаҕар харахтарынан тиэрэ-маары көрүтэлээтэ. Эрилик Эристиин

«Т» буукуба