Перевод с якутского
тиэр-маар
сыһыат, даҕааһын
Нууччалыы неуклюже, нескладно
1 сыһыат #
Туора-маары (хол., үктээ, хаамп)
Нууччалыы Неуклюже, нескладно (ходить, ступать)
Роман кинини көтөҕөн суол устун тиэр-маар үктээтэ Н. Габышев
2 даҕааһын #
суолт. Сыыһа-халты, түҥ-таҥ
Нууччалыы Беспорядочно, невпопад
Үүнэ-тэһиинэ суох тиэр-маар барыыбыт бэрээдэктэннэ Саха с
3 этии #
Этиилэр
Тиэр-маар (тиэс-маас) эрт
тиэрэни эрт диэн курдук.
Дархан оҕонньор Намылҕа эмээхсинниин төрөөбүт үрэхтэриттэн арахсыбакка, көҥүл бултаан-алтаан, бүгэн сытаарылар, арааһа, тиэр-маар эрдэн лабаҥхалаатахтара. Софр. Данилов. Кэлин уһугар киһи итэҕэйбэтин курдук тиэр-маар эрдэн бараллара баар буолуо. П. Аввакумов Саҥа олох, холкуос дьаһалын өйдөөбөт аатыран, тиэс-маас эрдэн кубулҕатыраргытын билбэт, ыйдаҥардыбат кырдьаҕас буолбатахпын. "ХС"