ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

маар

аат тыл

Нууччалыы болотное, кочковатое пространство, поросшее кустарником, ивами, редкими деревьями

1 аат тыл #

, геогр. Ыарҕанан, талаҕынан, сэдэх мастарынан балайда киэҥ сири саба үүммүт, дулҕалаах сир-дойду

Нууччалыы Болотное, кочковатое пространство, поросшее кустарником, ивами, редкими деревьями

  • Ыарҕа маардары, бадарааннары, күөх халлааҥҥа өрө хороһон турар кубалаҥ куруҥах мастардаах куруҥ тыалары аастылар.
    Күндэ
  • Салгын сылыйан, бырдах үөрэ сииктээх маардар отторун, дулҕаларын быыһыттан көтөн тахсан, ат самыытыгар, Маайа, Сүөдэр үрдүлэригэр хара тордох буола мустар.
    Н. Якутскай
  • "Харбалаах табыгастаах сир буолбатах. Барыта маар, дулҕа, куобах уоһа, бырыы-бадараан, туох да суола-ииһэ суох туундара дойду", - дэһии баара
    Кыым

2 этии #

Маар айах түөлбэ. - айаҕар биир да тииһэ суох киһи Маар айах буолбут оҕонньоттор

Нууччалыы Беззубый рот (о человеке)

3 этии #

Нууччалыы Влажное место, сплошь поросшее ерником

  • Тумара маар - ото-маһа суох, сииктээх, ыарҕанан эрэ саба үүммүт түҥкэтэх сир Тумара маарга киһи кэлбэтэҕинии, Туох да суоҕунуу Чуумпу буолуталыыра, Арай хараҥа ойуурга өлүк элбэҕин Хара суор хаһыыта тыллыыра... Эллэй. Туундарам тумара маарыгар Туруйа тойуга чугдаарда, Туус маҥан туманы арыйан Туоһахта төгүрүк күн ойдо.
    П. Тобуруокап
  • Русск. марь

«М» буукуба