Перевод с якутского
мара
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы заболоченное, кочковатое место посреди леса, поросшее мхом, ерником
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Тыа ортотугар дулҕалаах, муохтаах, бадарааннаах, чычаас уулаах сир
Нууччалыы Заболоченное, кочковатое место посреди леса, поросшее мхом, ерником
Мара быыһа булдьугуруу түстэ.
П. ОйуунускайМин даркылаах мараҕа Куһу манаан турабын өр, Орулуос кус хараҕа - Араҕас сулус көрөр И. Гоголев
2 даҕааһын #
даҕ
Мара таҥастаах аҕам дьахтар тахсан кэллэ. Амма Аччыгыйа Алаастар, өтөхтөр көрөр-харайар киһитэ суох, дьүдьэх эттээх-сииннээх, мара таҥастаах-саптаах тулаайахсыбыт оҕону санаталлар. Софр. Данилов. Эр киһилии халыҥ, мара таҥастаах үрүҥ былааттаах кыыс турар эбит Н. Габышев
3 даҕааһын #
Үчүгэйэ суох көстүүлээх, олус боростуой (таҥас-сап туһунан этэргэ)
Нууччалыы Имеющий неопрятный, неряшливый вид (об одежде)
4 даҕааһын #
Ырааһа суох, кирдээх-хохтоох, чанчарык (үлэ туһунан этэргэ)
Нууччалыы Грязный, черный (о работе)
Мара үлэ, тыас-уус, киһи дөйүөн сөп. Н. Габышев Сыалаах бэйбэҥ сотолорум, Сылааргыыргыт кэлээхтээтэ, Мара даҕаны үлэлэргэ Бараахтыырбар тиийээхтээтим П. Тобуруокап
5 даҕааһын #
Мөкү, бүрэ дьүһүннээх (киһи туһунан этэргэ)
Нууччалыы Непривлекательный, некрасивый, неказистый (о внешности человека). [Хара Мотуо:] Мара-мара буоламмын ньии, Баарата суох хаамаахтыыбын
Марта быһата Мара дьүһүнэ Малыччы көстүбэт, Мааны майгыта Манньытан бэрт да бэрт! А. Кондратьев Уол, киниттэн бүрэ суоҕун курдук, мара көрүҥүттэн кыбыстыбыттыы килбигийэ турарга дылы ХС
6 даҕааһын #
Кыра-хара, улахан баайа-дуола суох, дьадаҥы төрүттээх (киһи туһунан этэргэ)
Нууччалыы Незнатный, неимущий, бедный
Дьадаҥылар оҕолоро төһө да мара дьон буоллаллар, быдан сытыытык-хотуутук тутталлар. Амма Аччыгыйа Эйигин дуэльга ыҥырарга өссө биир утарыы баар: эн - мара киһигин, оттон мин - сүрдээх былыргы төрүттээхпин. М. Шолохов (тылб.)
7 этии #
Мара истиил тыл үөр. - көннөрү кэпсэтии тылын уратытын биэрэргэ туттуллар истиил көрүҥүн бэлиэтиир тиэрмин Эмоциональнай тыллар ордук уус-уран литератураҕа, кэпсэтии тылыгар -- Үрдүк, мара истииллэргэ туттуллаллар. АПС СТЛ
Нууччалыы Термин, определяющий разговорно-просторечный стиль языка