ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эргиир

аат тыл

Нууччалыы объезд, обход, крюк

Ис хоһооно · 9

1 аат тыл #

Быһа буолбакка, эргийэ барар сир, төгүүр, суол эргийиитэ, төгүрүмтэтэ

Нууччалыы Объезд, обход, крюк

  • Дьуолка анньан, быһалаан, Тоҕойдорун тумнубатах, Эркээйинэн ыйдаран, Эргиирдэрин кылгаппатах Тустаах суолбун мин бүгүн Туох баарынан көрөбүн.
    Күннүк Уурастыырап
  • Лиһигир-лаһыгыр Тилигирии сүүрэн-тэбэн, Эргиирдэри быһа түһэр, Ити тимир суол иһэр!
    М. Тимофеев
  • Тыаттан өтөхпүтүгэр киирэр суолбутун кэҥэтинээри, эргииргэ ордон хаалбыт сонос хатыҥы охторон, туора соспуппут
    Н. Борисов

2 аат тыл #

Тугу эмэ төгүрүйэн, эргийэн кэлии

Нууччалыы Место, которое можно пройти, объехать вокруг, круг

  • Эккирэтэн-эккирэтэн, уол тохсус эргииригэр эриэн таба таҥастаах киһини ситэр.
    Саха фольк
  • Охсооччулар, биир эргиири оҥороот, хотуурдарын буруустаннылар.
    И. Гоголев
  • Тыраахтар эмиэ саҥаттан саҥа эргиирдэри оҥорон, тиэриллибэккэ сытар сири улам синньэтэн, кыччатан испитэ
    В. Гаврильева

3 аат тыл #

Үҥкүүгэ эргийии

Нууччалыы Круг в танце

  • Мин соччо үҥкүүһүтэ да суох буолларбын, эргииргэ киирсибитинэн бардым.
    ХС
  • Тиийбитим, доҕоор, дьэ оһуохай бөҕө ааттааҕа сайда турар эбит, икки-үс эргиир буолан, омунугар сирдиин ньиргийэ олорор
    Н. Заболоцкай

4 аат тыл #

Дьиэ эркинин эргиччи тутан таһаарарга биир эргийии

Нууччалыы В строительстве деревянного здания, дома: один оборот при возведении стен

  • Дьиэ акылаатын бу күннэргэ түһэрэн бүтэрэн, истиэнэтигэр иккилии эргиири эргийдибит. БГП-Дь ТСК. Сордоон-муҥнаан күҥҥэ биир эргиири түһэрэн түмүктүүбүт
    Ф. Постников

5 аат тыл #

Туох эмэ бэйэтин кубулуйбат эргимтэтинэн тохтообокко хатыланар хамсааһына (хол., күн, ый туһунан)

Нууччалыы Беспрерывное движение, неизменно повторяющее круг развития, круговорот (напр., о солнце, луне)

  • Билгэһиттэр дьыл-күн эргиирин билэллэрэ. ФГЕ ӨӨСҮҮ. Киинин тула арҕааттан илин эргийэн, Сир суукка устата толору эргиири оҥорор. САИ ССРС ФГ. Күн-ый эргиирдэрэ олохпутугар улахан суолталаахтар.
    ФАС СК

6 аат тыл #

Үбү-харчыны, табаары барыс ылар туһуттан эргитии

Нууччалыы Обращение денежных средств и товаров для воспроизводства, получение прибыли, кругооборот Бахсы эргиэнин тэрилтэтэ аҥаардас табаар эргииринэн эрэ дьарыктаммат

  • Дьону үөр. Холкуос үллэһиллибит сүрүн уонна эргииргэ сылдьар пуондалары үөскэтэр уонна былааннаахтык туһанар. ЭБТ. Быйыл табаар эргиирин уон ыйдаах былаана толоруллубата. “
    Кыым

7 аат тыл #

тиэх. Ханнык эмэ хамсатааччы күүс биинтэтин хаамыыта, эргийиитэ

Нууччалыы Шаг, оборот винта какого-л. механизма, двигателя

  • төгүрүктээһин диэн курдук. Биһиги фроҥҥа эргииргэ түбэһэн, кырыалаах кыһыҥҥа уончалыы хонукка аһаабакка сылдьарбыт.
    М. Доҕордуурап
  • 1922 сыллаахх Ф. М. Сыроватскай хамандыырдаах этэрээт Майаттан чугас бандьыыттар эргиирдэригэр түбэспитэ. “Ленин с. ”
  • киһи уҥуоҕа диэн курдук. Урут кураан дьылларга аҕаҥ эргиирин өрт уота сиэн кэбиспит этэ.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (2)
  • Илин тумулга улахан кылабыыһа кырааскалаах чардааттардаах эргиирдэрэ бачыгыраһан ахан туралларын соһуйа көрдө. Улдьаа Харалы. Нууччалар кэлиэхтэрин быдан инниттэн биллэр саха эргиирдэриттэн сааһынан кырдьаҕастара араҥас буолар.
    АЭ ӨӨКХ
  • Массыына оту быһар быһаҕа мүнүүтэҕэ алта тыһыынча эргиири оҥорор. ААФ ОИОИС. Бастакы уон биэс-сүүрбэ биэс эргиир кэнниттэн көпсөркөй арыы салбахтарга ыгыллан, бөдөҥ уу таммахтарын таһаарар. СЕТ ҮА. Мүнүүтэҕэ 2850 эргиири оҥорор сэттэ кВт кыамталаах электродвигатель ыстаныакка туттарыллар
    ТСР

8 аат тыл #

успуорт. Күрэхтэһии сорҕото, чааһа: хас биирдии кыттааччы биирдэ эрэ күрэхтэһэр (хол., көҥүл тустууга)

Нууччалыы Часть спортивного соревнования, в которой каждый из участников выступает только один раз, круг (напр., в вольной борьбе)

  • Бастакы эргииргэ Чурапчы үөрэнээччитэ аатырбыт бөҕөһү баалынан сабырыйбыта. НЕ ТАО. Тохсус эргииргэ Башкирияттан успуорт маастара Н. Хисматулины икки лаппаакытынан хам баттаабыт. ПАК СБМ. Саха сириттэн тиийбиттэртэн Николай Яковлев биэстии, Валерий Керемясов түөртүү эргиир туһуннулар. “
    ЭК

9 этии #

Нууччалыы Якутский национальный вид спорта: спортсмен, захватывая руками палку длиной 25 см, вставленную в паз, прогибаясь, переступая ногами, за определённый промежуток времени (обычно за три-пять мин.) за одну попытку должен выполнить как можно больше поворотов вокруг собственной оси

Этиилэр

Сүрэх уонна тымырдар

хаан эргиирин уорганнара.

  • МЛФ АҮө

«Э» буукуба