Перевод с якутского
эргимтэ
аат тыл
Нууччалыы окрестности
English environs, surroundings
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
Нууччалыы окрестности
English environs, surroundings
тыа эргимтэлээх дойду местность в окружении лесаan area surrounded by forest
2 аат тыл #
Эргийэ барар сир, төгүрүмтэ, төгүүр
Нууччалыы Обход, объезд кругом
Төһө да эргимтэтин иһин, атын суолунан суолланаллар. Н. Якутскай Чугас сир диэн биир-икки көстөөх эргимтэ Хомус Уйбаан
3 аат тыл #
Биир төгүрүмтэҕэ, биир эргиҥҥэ баар сир
Нууччалыы Местность, находящаяся в округе, в окрестностях чего-л
Ол түмүгэр Бүлүү эргимтэтигэр биир эмэ устуоруйа уонна култуура пааматынньыга хаалбата. ФГЕ ӨӨСҮҮ. Дьааҥыга бырамыысыланнай бөһүөлэктэр тулаларыгар бэрт киэҥ эргимтэҕэ ойуур суох оҥоһулунна. “ ХС
4 аат тыл #
Уопсастыбаҕа ханыылаһар, бодоруһар, биир араҥа буолар дьон бөлөҕө
Нууччалыы Окружение какого-л. лица, сообщество, круг людей по интересам
Я. И. Линденау үлэтэ күн бүгүнүгэр дылы научнай эргимтэлэргэ олус үрдүктүк сыаналанар. ХС Кэнники кэмҥэ научнай эргимтэҕэ “сомоҕо домох” диэн тиэрмин быһыытынан олохсуйда диэххэ сөп. СЛСПҮО. Тима суруйааччылары, артыыстары, худуоһунньуктары кытта билсэн, доҕордоһон, литературнай эргимтэҕэ сыстан барбыта. КНЗ ТС
5 аат тыл #
мат. Бары туочукалара киниттэн тэҥ ырааҕынан тайаан бүтэйдэммит иэҕии
Нууччалыы Окружность, круг
Сир эргимтэтэ хас килэмиэтир эбитэ буолла. М. Доҕордуурап Биир көнөҕө сыппат үс туочука нөҥүө эргимтэни ыытыахха сөп. КАП Г. Биһиги ити ылбыт токур сурааһыммыт эргимтэ диэн ааттанар. ШИН А
6 аат тыл #
Үчүгэй туруктаах тугу эмэ атыылаабыттан төлөбүрэ эбэтэр ол төлөбүрүгэр ылыллыбыт эмиэ оннук эрээри, мөлтөх туруктаах туох эмэ
Нууччалыы Выручка и самый предмет (худший), купленный на выручку от продажи такого же предмета (но лучшего)
Атым эргимтэтинэн ат атыылаһан ыллым ПЭК СЯЯ
7 этии #
Нууччалыы Уйти навсегда, уйти безвозвратно
Этиилэр
Санаа эргимтэтэ оЅоһун көр санаа II
Санаа эргимтэтэ оҥостон, ахтан иһэр Саарбалааҕын [сир аата] хатыҥ чараҥа кэллэ. ХС Хас да хонукка Маша күрүүр туһунан санаа эргимтэтэ оҥоһунна. “Чолбон”.
Эргимтэтэ суох барда
олох төннүбэттии, кэлбэттии барда Хаайыллыым маҥнайгы түгэннэригэр куттал дириҥ дьаралҕана ыга тутан, мин өллүм, букатын туох да эргимтэтэ суох бардым диэн быһаарыммытым.
А. Гайдар (тылб.)
8 этии #
Нууччалыы Северный полярный круг
Этиилэр
Хотугу эргимтэ
Сир хаартатыгар бэлиэтэммит биэс параллельтан биир сүрүннэрэ: экватортан хоту диэки тайаан сытар Хотугу эргимтэ уһун хараҥа түүнэ саба халыйар.
Хотугу эргимтэ самаан сайына салаллан ахан турар кэмэ. ХС Саас ахсын биһиэхэ, хотугу эргимтэ кэтэҕэр, үгүс-элбэх эдэр дьон үлэлии кэлэллэр. БТУоТ.
Эргимтэ киинэ
төгүрүмтэ ортото.
Центр окружности.
О туочука
эргимтэ киинэ.
ШИН А