ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ырыынак

аат тыл

Нууччалыы место розничной торговли под открытым небом или в торговых рядах, рынок

1 аат тыл #

Араас табаары, аһы-үөлү эрээт-эрээтинэн тэлгэтэн, үксүгэр таһырдьа эргинэр баһаар, атыы-тутуу дэлэйдик барар сирэ

Нууччалыы Место розничной торговли под открытым небом или в торговых рядах, рынок

  • Ырыынакка дьон бөҕө тоҕуорар, Сахсырҕалыы сааҕынаһан.
    Баал Хабырыыс
  • Мин сарсыныгар Кытай ырыынагар барарга толкуйдаммытым. ЭКС ТБТ. Максим ас-үөл атыылаһа ырыынагынан, маҕаһыынынан барда
    Күрүлгэн

2 аат тыл #

эргиэн. Атыы-тутуу, табаар эргиирин эйгэтэ

Нууччалыы Сфера товарного обращения, товарооборота, рынок

  • Ырыынак ыгыыта ыксатта – Ыйытыы кытта харчыланна. Ахсаана Сонтуой. Валентин кэлиэ-барыа, мин атыылыам, ырыынагы үөрэтиэхпит. Огдо. Ырыынак кэмигэр дойду экэниэмикэтэ, оҥорон таһаарыыта, үбүн систиэмэтэ уонунан сылларга тохтообокко сиҥнэн түһэ турар
    Кыым

3 этии #

Нууччалыы Сфера спроса и предложения на рабочую силу, рынок труда

Этиилэр

Үлэ ырыынага

үлэҕэ наадыйыы уонна үлэ миэстэтин таһаарыы эйгэтэ Үлэ ырыынагар дьоһуннаах миэстэни ылар эрэ буоллахпытына уларыйыыны-тэлэрийиини бэйэ туһатыгар эргитэр, кэлии дьону кытта күрэстэһэр кыахтаахпыт биллэн турар суол.

  • "Кыым"

«Ы» буукуба