От үлэтигэр элбэх дьон мустан, куоталаһыы тэрийэн, төлөбүрэ суох кимиэхэ эмэ үлэлээн биэриилэрэ. Θ Массовый добровольный, неоплачиваемый труд во время сенокосной страды, сопровождаемый угощением со стороны заинтересованного лица (в старину форма эксплуатации баями своих близких соседей). Былыргы күүлэй үгүс өттө аат эрэ былдьаһыытыгар тэриллэрэ үһү уонна от охсуутун үчүгэйин-куһаҕанын соччо аахсыбаттара үһү. Саха сэһ. II. Бүгүн манна Никифоров кинээс күүлэйигэр отучча киһи от охсон хотуурдара күн уотугар чаҕылыҥныыллар.М. Доҕордуурап