ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьайыы

аат тыл

Нууччалыы проявление какой-л. энергии, деятельности, действия; влияние, воздействие

English action, operation

1 аат тыл #

Ханнык эмэ эниэргийэ, күүс эбэтэр тугу эмэ гыныы, хайааһын биллиитэ, биллэн-көстөн кэлиитэ

Нууччалыы Проявление какой-л. энергии, деятельности, действия; влияние, воздействие

  • Оҕо иитэр-үөрэтэр дьайыылары ылыныан эбэтэр ылынымыан сөп. ОАП ИиЭУО. Ааспыт сыллааҕы кураан дьайыыта ордук улаханнык алаас уонна ходуһа сирдэр отторун үүнүүтэ намтааһыныгар тиэртэ. "Кыым". Кордильер хайаларыгар вулканнар дьайыылара салҕанан бара турар
    СПН СЧГ

2 аат тыл #

Кимиэхэ-туохха эмэ тастан сабыдыалы оҥоруу, сабыдыаллааһын

Нууччалыы Действие, оказываемое кем-чем-л. на кого-что-л., воздействие

  • Магнитнай буурҕа дьайыытыттан эккэ-хааҥҥа барар процестар күүһүрэллэр, ол аата мэйии да үлэтэ тэтимириэхтээх.
    Г. Угаров
  • Айымньы геройун нөҥүө киһи хайдах ааттыырын уонна үүт-үкчү үтүгүннэрэн суруйууну аахайбат буолуу кэпсээн эбэтэр сэһэн ааҕааччыга дьайыытын сыппатар. ФЕВ УТУ. Никотин дьайыытыттан хаан сүүрэр тымырдара бүүрэ тардан куччууллар.
    ЩМФ КБ

3 аат тыл #

мат. Ахсаан суоттааһын көрүҥэ

Нууччалыы Основной вид математического действия

  • Биир сүһүөххэ киирэр дьайыылар суруллубут бэрээдэктэринэн оҥоһуллаллар. БАН А. Билигин арифметическай дьайыылар свойстваларын үөрэтиини эмиэ алгебра сорҕотунан ааҕаллар
    ВНЯ М-5

«ДЬ» буукуба