ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эргит

туохтуур

Нууччалыы обменивать какой-л. товар или продовольствие на что-л. [Мэхээлэ оҕонньор:] Элбэх табаары ылан эргиттиҥ дии, доҕоор, быһыыта?

English to turn, to rotate, to spin, to flip

Ис хоһооно · 4

1 #

Туох эмэ табаары, аһы-үөлү атыылаа, туохха эмэ мэнэйдэс, атастас

Нууччалыы Обменивать какой-л. товар или продовольствие на что-л. [Мэхээлэ оҕонньор:] Элбэх табаары ылан эргиттиҥ дии, доҕоор, быһыыта?

  • эргий диэнтэн дьаһ. туһ. Ордьоох куйуурун эргиппитинэн барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Аттар кулугуруу эргийэллэр, аарыма көлөһөнү эргитэллэр.
    С. Васильев
  • Наһаар эмискэ атын эргитэ тардан, ойуур диэки тахсан барда.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (3)
  • Уолаттара Ураалтан мыраамар таас пааматынньыгы аҕаланнар уҥуоҕун эргиппиттэр. Саха сэһ. II
  • Аны тугу оҥорбутун арыыга, эккэ эргитэр буолбута.
    И. Федосеев
  • Түүлээхтэрин, биир эмэ атыыһыт кэллэҕинэ, малга эргитэллэрэ
    АНТ ДьҮС

2 #

Кими эмэ талбыккынан тут, төбөлөрүн сүүй

Нууччалыы Управлять чьими-л. поступками по своему усмотрению, вертеть, крутить кем-л

  • Гоша өй-санаа өттүнэн кими баҕарар эргитиэн, сири-буору харбатыан сөп
    Н. Лугинов

3 этии #

Нууччалыы соотв. кружить голову кому-л

Этиилэр

Илииҥ иһигэр эргит көр илии

  • Баайдар ити биһиги иннилэрин-кэннилэрин билбэт хараЅа, дьадаЅы аҕаларбытын, ийэлэрбитин илиилэрин иһигэр эргитэннэр арааһынай суоллары оЅортууллар ээт.
    Күндэ

Иэччэхтии эргит көр иэччэх

  • Орто дойду төлкөтүн Иэччэхтии эргиппит Улууттан улуу киһибит [Лениммит].
    П. Тобуруокап
  • Муораны түгэҕинэн тургутар, халлааны ырааҕынан эргитэр көр муора. Дьэллик муораны түгэҕинэн тургутар, халлааны ырааҕынан эргитэр киһи буолан турбат дуо?
    Н. Якутскай

Төбөтүн эргит

кими эмэ хайҕаан, киһиргэтэн, дэбдэтэн бэйэтин үрдүктүк сананарыгар тиэрт Туоскуну кыайыы-хотуу, хайҕабыл үөһэ кыыраччы анньыыта төбөтүн эргиппитэ.

  • “ХС”.

Эрбэх үрдүгэр эргит көр эрбэх

  • “Кэҕитэн ырыаһыт да оҕо, уолаттары эрбэҕин үрдүгэр сэттэтэ эргитиэх барахсан сылдьар!” – дии-дии аана эмиэ күлэн саһыгырыы олороро буолуо.
    М. Доҕордуурап
  • Ааллаах Аппанаас ханнык баҕарар омугу эрбэҕин үрдүгэр сүүстэ эргитиэҕэ. Куорсуннаах

4 этии #

Эргитэн ыһыы т. -х. – бааһынаҕа сыл ахсын тус-туспа култуураны солбуһуннаран ыһыы Эргитэн ыһыыны сөпкө туһаныахха.

Нууччалыы В сельском хозяйстве: последовательная смена культур (злаков, трав и т. д.), севооборот

Этиилэр

Эргитэ санаа көр санаа I

  • Суолга тохтоон, үөһэ тыына, Эргитэ саныам олохпун.
    С. Данилов
  • [Захар:] Тоҕойум оҕото, Сибиэтэ, мин эйиэхэ бэйэм тапталбын биллэриэм иннинэ элбэхтик эргитэ санаан, толкуйдаан көөртүм. С. Ефремов

«Э» буукуба