Перевод с якутского
эрий
туохтуур
Нууччалыы поворачивать; скручивать; ввинчивать
English to turn, to twist, to screw
Ис хоһооно · 14
1 туохтуур #
Нууччалыы поворачивать; скручивать; ввинчивать
English to turn, to twist, to screw
(transitive)
2 туохтуур #
Илиигинэн тугу эмэ эргит, эргитэн хамсат
Нууччалыы Поворачивать руками что-л., вращать, вертеть, крутить
Күлүүһүн тылын иккитэ эрийэн, аанын хатаабыта. В. Яковлев Сүөдэр Сүөдэрэбис туруупканы ылан, нүөмэрдэри эрийэн сырылаппахтаата. П. Аввакумов Үлэһиттэр кырааны эрийдэллэр эрэ, хоруудаларга көөнньөрбө эбэтэр уу курулуу түһэр. ПДН ТБКЭ. Эдэрчи киһи массыына уруулун барбах эрийэн салайа олорор ХС
3 туохтуур #
Туох эмэ тэрил тутааҕын эргитэн үлэлэт, оннук эргитэн тугу эмэ гын (хол., үүт сүүрт, эти бытарыт)
Нууччалыы Привести какое-л. устройство в действие, вращая за ручку, также процесс такого действия (напр., перегонять молоко через сепаратор, пропустить мясо через мясорубку)
Сэппэрээтэри эрий. Асчыт дьахтар үүт эрийэр, сүөгэйин арыылаан баран кыынньарар. С. Маисов Эһэ этин эриэппэ луугу кытта эт кырбыыр массыынанан эрийэбит, тумалыыбыт уонна булкуйабыт БББ
4 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., буолтаны, биинтиги) чиҥэтэ эргитэн туохха эмэ киллэр, олорт
Нууччалыы Закручивать, завинчивать (напр., болт, винтик)
Массыына чаастарын чинчийэн, Хамсаабыт биинтэни эрийэр. Эрилик Эристиин Түөрт муннуктуу төбөлөөх анал күлүүһүнэн эрэдэһини эрийэн кытаатыннараллар. ПАЕ ЭАБ. Суруугу эрийэргэ аналлаах мас бүөлэр сахсайан хаалан, истиэнэттэн түһэн хаалааччылар ДьХ
5 туохтуур #
Тугу эмэ тула эргитэн сөрөө, суулуу тут, баан
Нууччалыы Обматывать, обвязывать, обвивать что-л. чем-л
Сотору кумааҕынан эрийэн куруускаҕа олорпут чүмэчитин төрдүгэһэ умайан күлүбүрээн барар.
Суорун ОмоллоонСототун тула чартаата уонна өрбөҕүнэн ыга баҕайы эрийэн кэбистэ. Л. Попов Айанньыт -- утуйар таҥаһын түппээккэ эрийэн атын самыытыгар төргүүлэммит. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Зина аны бэргэһэтин кэтэрдэн баран, сирэйин саалынан тууна эрийбитэ Ойуку
6 туохтуур #
Ким эмэ илиитин биитэр атаҕын араастаан мускуй, эргит
Нууччалыы Выкручивать, выворачивать что-л. (напр., чьи-л. руки или ноги)
Атаҕынан уол атаҕын эрийэн, тиэрэ мэтэрийэн кэннин диэки бырахта. Н. Босиков Аны илиититтэн уонна атаҕыттан эрийэн, өттүктүү түһэрэн эрэр ХС
7 туохтуур #
Араастаан эргитэ хамсат, ытый (хол., буурҕаны этэргэ)
Нууччалыы Приводить в круговое движение, задувать, кружить, вертеть (напр., о пурге)
Маһы оҕус кутуругун курдук чороччу эрийэр силлиэ түһэр.
Суорун ОмоллоонТаһырдьа таҕыстахха тыал сипсийэр, киһи сирэйин-хараҕын көрдөрбөт, кумахтаах хаарынан эрийэр. С. Васильев Сааскы халаан уута -- уу отун төрдүнэн эрийэн, ытыйан күөл кытыытын мууһун көҥү дьөлөр С. Маисов
8 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ төлөпүөннээ, төлөпүөнүнэн кэпсэт
Нууччалыы Звонить кому-л,, разговаривать по телефону
Иван Алексеевич пуорду кытта кэпсэтээри эрийэ сатаан кэбиһэр, ким даҕаны эппиэттээбэт. Н. Якутскай Миэхэ мээнэ сыбыытаама, наадыйдаххына дьиэбэр эрийэр буолаар. В. Титов Суотабай төлөпүөн тэнийэн, хас санаатаҕын ахсын эрийэн бэрэбиэркэлиирэ ТТК
9 этии #
Этиилэр
Кутуругун эрийэн биэр көр кутурук
Тугу баҕарар оҥоруҥ, кутуруктарын эрийэн биэриҥ, арай сир баайыгар эрэ чугаһаамаҥ. "Сахаадаһ.
Сүрэҕин эрийэр көр сүрэх I
Сугун абаҕата куһаҕан, киһи сүрэҕин эрийэр сыттаах. МАА ССЭҮү. Мүөттээх салгын сыта киһи сүрэҕин эрийэр. ХС
Сүрэҕэ өлөхсүйэр (эрийэр) көр сүрэх I
Сүрэҕэ эрийэр, тыына тиийбэт курдук буолар. "Чолбон".
Сүрэҕэ эрийэр көр сүрэх I
Кыыс эмискэ сүрэҕэ эрийэн, олоппоско олоро түстэ. Күрүлгэн.
Хоолдьугун эрий көр хоолдьук
Биһиги кинини, -- аны биирдэ хармааннаатаҕына хоолдьугун эрийиэх буолан сэрэппиппит. Д. Таас
Эрийэ хат
хам хат диэн курдук (көр хат I).
Көстөкүүн ойоҕо Аана эрийэ хаппыт быыкаайык дьахтар.
КүндэЧооруона бу сай устата кэтэҕэ чохойон, букатын эрийэ хатан хаалла. У. Нуолур
10 этии #
Эрийэ охсуу иис. – ойуу-дьарҕаа сиигэ: чугас-чугас эрийэ тардан биэтилэлии ылыы Саха таҥаһын ойуулаан киэргэтэргэ эрийэ охсуу сииги үгүстүк тутталлар.
Нууччалыы Вид декоративного шва: петельный шов с частыми воздушными петлями
Этиилэр
Эрийэ (эриллэ) хат
этэ-сиинэ суох, хаппыт-куурбут, хатыҥыр буол.
Быть очень худым, тощим, сухощавым.
Попов эриллэ хаппыт, кыыкынас куоластаах, быыкайкаан киһи. Далан Кинилэртэн нагааннаахтара эрийэ хаппыт хатыҥыр киһи. И. Никифоров
Өссө холобурдар (2)
Уйбаан хатыҥыра, хачаайыта, эрийэ хаппыта ханна бараахтыай. С. Федотов Ср. ДТС егир ʽпрясть, сучить’, тув. ээрер ʽвить; крутить’, монг. эрэх ʽзакручивать’
11 туохтуур #
Киһини тугунан эмэ арахпакка олуй-моһуй (хол., ыйыталас биитэр көрдөс)
Нууччалыы Расспрашивать кого-л. дотошно, придирчиво, выпытывать, настойчиво просить кого-л. о чём-л
Сэргэчээни, кини ханна баарын эн билэриҥ буолуо диэн, элбэхтик эрийбиттэрэ. Болот Боотур Уолаттар миигин үчүгэй аҕайдык эрийэн, төрөөбүппүн кэмсинэр курдук гына эттилэр-тыыннылар. Р. Кулаковскай Кыыс: "Сахаарканы дыбарыаска аҕалтарһ, – диэн аҕатын эрий да эрий буолар И. Бочкарёв
12 туохтуур #
Туох эмэ дьыалаҕа түбэһиннэр, буруйга тэп
Нууччалыы Впутывать, вмешивать кого-л. во что-л. (напр., в какое-л. дело)
"Хата, ити атынан сылтаан Ураҕаһы [киһи аата] дьыалаҕа эрийиллиэһ, – дии саныы-саныы тахсан барда.
КүндэКуһаҕан дьон сөрөөһүннэригэр эрийэннэр, дьэ, бэркэ да моорук буоллум.
П. ОйуунускайСайылыгар көһүөн иннинэ иэһинэн эрийэн, эн хара көлөһүҥҥүн иҥэринэр сүбэтин булла ини Амма Аччыгыйа
13 туохтуур #
Киһи өйүн-санаатын ытый, арахпакка эрэйдээ
Нууччалыы Причинять кому-л. душевные страдания, мучить
Ол эрээри туох эрэ хом санаа кини дууһатын эрийэр. Амма Аччыгыйа Настааны араас итинник санаалар эрийэллэр. С. Федотов Төрөөбүт норуотум барахсан Аламай күн тэҥэ амарах, Эгэлгэ эрэй-муҥ эрийэн Ийэлии иһирэх дууһалаах Айталын
14 туохтуур #
Ким эмэ эйиэхэ ылларарын, чугаһыырын курдук эйэргэһэ, оонньоһо сатаа
Нууччалыы Завлечь кого-л., влюбить в себя, вскружить голову кому-л
"Катя, – диэтэ наҕыл куолаһынан, – биир эмэ уолла эрийээр эрэһ. М. Попов Уол улахан дуоһунастаах, саастаах кыыһы Ираиданы, бэйэтэ этэринии, эрийэн ылбыта. Т. Находкина Олох сүрэҕин, дууһатын барытын, эриэн үөн курдук, ити кыыс эрийэн, хам ылан бүппүт Сэмсэ