ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрий-мускуй

туохтуур

Нууччалыы крутить, вертеть что-л.

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Араастаан эрийэ хамсат, эриллэҥнэт

Нууччалыы Крутить, вертеть что-л. (напр., о сильном ветре)

  • Сүөдэр аргыһа ыксыыр, -- сонун оноотун алын бүүрүгүн эрийэр-мускуйар, тэпсэҥниир.
    Н. Якутскай
  • Силлиэ иһиирэ-иһиирэ -- иинэҕэс бэстэри уонна бэрдьигэстэри арааһынайдаан сахсыйар, эрийэр-мускуйар.
    И. Никифоров
  • Киллэм кырдалга талах маһы эрийэ-мускуйа күүстээх тыал куһуура ыйылыыр
    ХС

2 туохтуур #

Туох эрэ дьыаланы соруйан муннар, араастаан бутуй

Нууччалыы Вносить путаницу в какое-л. дело

  • Эн киниттэн дакаастабыллары модьуй, эрий-мускуй, оччоҕо иккиттэн биирин чуолкайдыаҥ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Хайдах да эрий-мускуй, эмиэ да быһаччы буруйа суохха дылыгын, эмиэ да ончу ыраас буолбатаххын.
    Н. Лугинов
  • Аны дьиэбэр кэлэн эрийэн-мускуйан бардылар
    Хомус Уйбаан

3 туохтуур #

Кими эмэ улахан кыһарҕаҥҥа киллэр, араастаан кыһарый (хол., олоҕу этэргэ)

Нууччалыы Подвергать различным испытаниям кого-л. (напр., о жизни)

  • Оо, олох киһи муҥнааҕы эҥинэ-эгэлгэлээн эрэйдээн, эрийэн-мускуйан уустук да буоллаҕыҥ.
    С. Маисов
  • Итинник эдэр дьону олох эрийэн-мускуйан хаһан эмэ син үөрэтиэ. ФВН ТС. Вера Михайловна бэйэтин олох эрийбит-мускуйбут, харыстаабатах киһитэ
    ПНИ АДХ
  • Санааҕа-онооҕо тэп, дууһаны эрэйдээ. Θ Стать душевной мукой, мучить кого-л. чем-л. (о проблеме). Биир боппуруос олус эрийэрэ-мускуйара, түүн-күнүс даҕаны өйүттэн-санаатыттан арахпат этэ.
    ПДИ КК

4 туохтуур #

Араастаан уларыт, уларытан тутун (хол., тылы)

Нууччалыы Перебирать, отбирать, сортировать (напр., слова)

  • Кини саха лоп-бааччы, чуолкай тылын араастаан мунньараҥнатан, эрийэн-мускуйан саҥарыахтаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Саха тылын олох саҥа ирдэбиллэригэр түбэһиннэрэн, эрийэн-мускуйан туттар тоҕо табыллыа суоҕай? "Кыым". Сэргэй Баһылайап тылы-өһү эрийэн-мускуйан туттуута -- өргө дылы уос номоҕо буолбута
    П. Тобуруокап

«Э» буукуба