Перевод с якутского
эрбэх
аат тыл
Нууччалыы большой палец
English thumb, big finger
1 аат тыл #
Киһи илиитин улахан тарбаҕа
Нууччалыы Большой палец
Соҕотох эрбэхтээх эрээри тугу барытын кыайар баар үһү (тааб.: ытарча). Харытыан хараҕа уу-хаар баһан ылла, онтун эрбэҕин сүһүөҕүнэн ньуххаланна. Л. Попов Эрбэҕэ наһаа ууллубута, сынньана-сынньана ыы сатаабыта М. Доҕордуурап
2 этии #
Иккитэ эрбэҕин эргитиэ, үстэ сөмүйэтин төгүрүтүө түөлбэ. – албын, түөкүн киһини этэргэ туттуллар Эрбэҕин салаата – хаарты оонньоон сүүйтэрдэ. Θ Проиграть с треском в карты (букв. свой палец облизал [он]). [Ньыыхан:] Били эн бардаҕыҥ түүн эрбэхпин салаан кэбиспитим. “ХС”.
Нууччалыы соотв. обводить вокруг пальца (букв. [он] дважды проведёт вокруг большого пальца, трижды – вокруг указательного)
Этиилэр
Эрбэх анныгар баттыыр
эрбэххэ (тарбахха) баттыыр диэн курдук.
Өлөр охтууну оҕуннахха биирдэ ыҥыртарыллыа. Эрбэҕим анныгар баттыыр кыыһым, кыаммат буоллахпына, көрүө-харайыа диэн. В. Иванов Күрэтиилэрин элбэх куобахтаах, эрбэхтэрин анныгар баттаан сыппыт сирдэрин, тыымпы күөл тыатыттан саҕалаатылар. В. Протодьяконов
Эрбэхтэн эмп
тарбахтан эмп диэн курдук (көр тарбах).
Киһи баар буоллаҕына, сылтах көстүөҕэ, эрбэхтэриттэн да эмэн таһааран, туох эмэ биричиинэни булан ыт атаҕын туттарыахтара. ТИН ДьХУуИ. Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ (сөмүйэ үрдүгэр үстэ) эргийбит (киһи) көр сэттэ. Эрбэҕин үрдүгэр сэттэтэ эргийбит Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох. Эллэй. Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр эрэттэр диэтэҕиҥ. И. Никифоров
Эрбэх үрдүгэр эргит
киһини таптаабыккынан албыннаа, сүүй.
соотв.
обвести вокруг пальца.
Мэҥиэни эрэ көрдөр
Мэйиилиин иирээччи, Эрбэх үрдүгэр Эргитэн баран, уопсай үптэн-астан Охсо түһэн ылааччы.
Онтон угаайытыгар киллэрэн баран, тоҕоостоох түгэҥҥэ эйигин эрбэҕин үрдүгэр эргитиэ. ХС
Эрбэххэ баттыыр
саамай эрэллээх, эрэнэр, эрэли үөскэтэр (ким эмэ).
Входящий в число самых надёжных.
Өстөөх тыыннаах күүһүгэр да улахан ороскуоту оҥорбута. Онтон эрбэххэ баттыыр эр бэрдим этэ. “ХС”
3 этии #
Нууччалыы Якутская игра: обхватив запястье правой руки пальцами левой, большим пальцем левой руки нужно медленно прижать большой палец правой руки к запястью
Этиилэр
Тарбах (эрбэх) сүрэҕэ көр сүрэх I
Сүөдэр Бөтүрүөбүс анньыытын кылаанын эрбэҕин сүрэҕинэн бигээн көрдө. Айталын. Сыа Тиҥилэх [киһи аата] икки харыстаах быһаҕын эрбэҕин сүрэҕинэн кылаанын бигээн көрдө. Ф. Постников
Тойон эрбэх көр тойон
“Тойон дьоно Токуой үчүгэйдэр”, – диэт, Тойон эрбэҕин Чочоччу тутта. Р. Баҕатаайыскай Уйгуурап аптамаатын чыыбыһын тойон эрбэҕинэн иннин диэки аста. В. Титов
Өссө холобурдар (1)
Синцов тойон эрбэҕин кытары сөмүйэтэ хамсаабаттар.
К. Симонов
Эрбэҕи харыга тиэрдии
саха оонньуута: хаҥас илии тарбахтарын харыттан тардыһыннаран, эрбэҕинэн оргууй аҕай уҥа эрбэҕи тиэрэ баттаан харыга тиэрдии Оҕо сылдьан эрбэҕи харыга тиэрдии сөбүлүүр оонньуубут этэ.
Эрбэх дапсыта
эрбийэ III диэн курдук.
Археологтар эрбэх дапсытын булбуттар. Ср. ДТС ернэк ʽпалец’, тюрк. эргек ʽпалец; большой палец’